Төрөөбүт төрүт тылбытынан ыраастык саҥарыаҕыҥ, кичэйэн үөрэтэн харыстыаҕыҥ.
Кырдьык, төрөөбүт тылым — бу ийэм биэрбит тыла. Төрөөбүт тылын билбэт киһи, толкуйдуур дьоҕурун сүтэрэр. Төрөөбүт тыл киһиэхэ өйүгэр — санаатыгар, майгытыгар-сигилитигэр дьайар күүһэ улахан.
Хас биирдии киһи ийэ куттаах, ол иһин ийэ тыллаах. Онон ийэ тылынан саҥарыы удьуор төрдүн туттууну диэн үөрэтэбит. Киһи бастаан бэйэтин тылын учугэйдик билиэхтээх, ол тылын атын тылы үөрэтэригэр тирэх буолар. Төрөөбүт тылбынан сатаан саҥарар, толкуйдуур, истээччи болҕомтотун тардар курдук кэрэхсэбиллээхтик кэпсиир буоллахпына, талан ылбыт идэбинэн ситиһиилээхтик бүтэриэм, элбэх доҕоттордоох буолуом дии саныыбын.
Төрөөбүт тылын билбэт киһи саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕан өйдөөбөт. Ол иһин кинигэни аахпат буолар. Оччотугар норуот муудараһын, дохуобунай баайын, олоҕун историятын билбэт. Онон төһө кыалларынан төрөөбүт төрүт тылбытынан ыраастык саҥарыаҕыҥ, кичэйэн үөрэтэн харыстыаҕыҥ!
Лугинова Саргы , 11 кылаас
“Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата