«Чайная культура Евразии» бырайыагым чэрчитинэн билии биһигэ Казань куоракка үлэлээн кэллим.
«Сахалыы таҥас» уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттээччитэ С.Б. Максимова көҕүлээһининэн Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха сириттэн үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьар оҕолору кытта көрсүһүү тэрийдибит. КФУ магистрана Мария Егорова минньигэс алаадьы буһарда. Алаадьылаах кучу чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэттибит. Оҕолорбут барахсаттар төрөөбүт дойдуларын, чугас дьоннорун ахтан, сахалыы саҥаны истээри кэлбиттэр. Тутум үрдээн, саха буолалларынан киэн туттан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Төрөөбүт тыл минньигэһин, кэрэтин дойдугуттан тэлэһийэ сылдьан ордук суолталыыр, суохтуур-ахтар буолар эбиккин диэн биир санааҕа кэллибит.
Туйаара Григорьева-Кучу Туйаара.