Төрөөбүт дойду диэн тугуй? Төрөөбүт дойду диэн күн сирин көрбүт күҥҥүттэн төрүт дойдуҥ кэрэ айылҕатын, көстүүтүн, чэгиэн ыраас салгынын бэйэҕэр иҥэринэн, сүрэххинэн-быаргынан билэн улааппыт сириҥ буолар. Төрөөбүт дойдугар, бастатан туран, таптал, бэриниилээх буолуу, ытыктабыл баар буолуохтаах. Дойдуҥ ааспыт устуоруйатын, култууратын, төрѳѳбүт тылгын-ѳскүн уонна төрүччүгүн, кимтэн үөскээн-төрөөн, хантан хаан тардан олороргун билэр буоллаххына, бэйэҕэр бигэ тирэхтээх буолаҕын, суон силистээх сананаҕын.
Мин дойдум — Бүлүү улууһун Хаҕын нэhилиэгэ. Бу сир дьоллоох Дьокуускай куораттан 737 км, оттон ырыаҕа ылланар кырылас ыллыыр кумахтаах кырдьаҕас Бүлүү куоратыттан хотугулуу-арҕаа хайысхаҕа балтараа сүүсчэкэ кэриҥэ км ыраах сытар. Тулата хатыҥ чараҥынан иилии эргийбит киэҥ ходуhалардаах, күѳлүн ортотугар ѳтѳ үтэн тахсыбыт чиргэл тиит булгунньах арыылаах, аата мээнэ ааттаммат улахан эбэ кытыытыгар Киров диэн олорор дэриэбинэбит турар. Кэрэ айылҕалаах, эмис собонон баай күөллэрдээх, араас сир астаах, бултуур-алтыыр тыалардаах дойдубун олус таптыыбын, киэн туттабын. Нэhилиэкпит сирэ-уота Балаҕаччы, Кыргыдай, 1 Күүлэт, 2 Күүлэт нэһилиэктэриниин, ону тэҥэ Эдьигээн оройуонун кытары ыаллыы сытар.
2017 сыллаахха Хаҕын нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылын туолбута, онтон ол бэлиэ күнү-дьылы нэhилиэкпит дьоно-сэргэтэ ыраахтан-чугастан мустан 2018 сыл муус устар ыйга үѳрэн-кѳтѳн өрөгөйдөөхтүк бэлиэтээбитэ.
Ити кэмҥэ тахсыбыт “Хаҕын” диэн кинигэ I чааhыгар архыып матырыйаалынан оҥоhуллубут Төрүччүттэн көрдөххө, хаҕыттар Эллэй Боотуртан төрүттээх буолабыт. Эллэй хос-хос сиэнэ Мунньан Дархан уола — Ырыа Быркыҥаа диэн номоххо кэпсэнэр уус тыллаах киhи Хаҕын диэн сиэннээх, ол кини аатынан биһиги нэһилиэкпит ааттаммыт быһыылаах. Хаҕын Арханда диэн сиэннээх, урут дьоннорбут олоро сылдьыбыт Сардаҥа диэн нэһилиэктэрэ Арханда диэн ааттаах күөл үрдүгэр турбута. Оччоҕуна, мантан сирдэтэн көрдөххө, Хаҕын уонна Арханда диэн чахчы олоро сылдьыбыт дьоннор буолаллар. Онон биһиги хаҕыттар Саха сиригэр ХVI-с үйэҕэ или-эйэни олохтоору сахалары түмпүт, аатырбыт Тыгын Дархан чугас аймахтара буолан тахсар эбиппит.
Хаҕын нэһилиэгин киинэ — Кирово сэлиэнньэтэ. Билигин үлэлии- хамсыы, дьон-сэргэ олохсуйан, дьиэ-уот туттан, оҕолор билии ылан үөрэнэн олорор сирбит — Киирэп сэлиэнньэтэ (Кирово) төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 50 сылын быйыл 2023 сылга туолла. Бу сэлиэнньэ 1973 сыллаахха 50 км ыраах сытар “Сардаҥа” диэн сиртэн көһөн кэлэн олохтоммута. Кирово диэн ааты урукку манна турбут “Киров” холкуос нууччалыы аатыттан таһаарбыттар.
Аҕа дойдуУлуу сэриитин алдьархайа биhиги нэhилиэкпит хас биирдии ыалыгар олус ыарыылаахтык дьайбыта. Хаҕын нэһилиэгиттэн барыта 57 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. 27 буойун Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьан сэрии толоонугар өлбүттэрэ. 30 буойун төрүт дойдуларыгар
эргиллибиттэрэ. Тыыннаах эргиллибиттэртэн үгүстэрэ сэриигэ ылбыт баастарыттан ыарытыйан эрдэ күн сириттэн күрэммиттэрэ. Сэриигэ баран дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин толорбут хас биирдии дьоммутунан киэн туттабыт, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит. Быйыл 2023 сылга
нэhилиэкпитигэр соҕотох хаалбыт сэрии бэтэрээнэ ытык кырдьаҕаспыт Григорьев Яков Петрович 98 сааһыгар күн сириттэн күрэннэ. Тыылга күүстээх ыарахан үлэҕэ үлэлээн кыайыыны уhансыбыт ытык дьоммутунан киэн туттабыт. Билигин тыыл бэтэрээнэ тарбахха баттанар олох аҕыйах киhи
хаалла, кинилэргэ сылаас сыhыан, болҕомто уурабыт.
Бары билэрбит курдук, сэрии кэмигэр аччыктааһынтан Саха сиригэр үгүс тыһыынча киһи хоргуйан өлбүттэрэ. Аас-туор олох биhиги нэhилиэкпитин эмиэ тумнубатаҕа. Элбэх киhи аччыктаан ѳлбүт. Чуолкай сыыппара суох. Хаҕын нэhилиэгэр Дьуукула учаастагын аччыктааһынтан өрүһүйбүт киһинэн Осипов Василий Гаврильевич-Өркөйөр оҕонньор мин хос-хос эһээм буолар. Өркөйөр оҕонньор Бэс хочотуттан төрүттээх. Муҥхаһыт быһыытынан аатырбыт. Бэс Хочоҕо үлэлии-хамсыы сылдьан, Афанасьева Мария Афанасьевналыын ыал буолан, 5 оҕону төрөтөр. Аччыктааһын сылларыгар Алакаат уонна Мөөрөөйү диэн күөллэргэ аччыктаабыт дьону батыһыннаран таһааран, сааһын куйуурдаан, сайынын туулаан, мундулаан, соболоон, колхоз үлэһиттэригэр таһан, күһүнүн лыыба кутан бэлэмнээн, кыһын муҥхалаан, чугастааҕы дьонун өрүһүйбүт. Үгүс дьон кини туhунан сут сылларга сууттана сыһа-сыһа, элбэх киһини өлүүттэн өрүһүйбүтэ диэн улаханнык махтанан ахталлара. Сэрии кэнниттэн өлүөр диэри муҥхатыттан арахсыбатах. Бүтэһигэр диэри өр сылларга дьон олоҕун быыһаабыт сөбүлүүр дьыалатын илиититтэн араарбатаҕа хайҕабыллаах дьыала. Василий Гаврильевич төгүрүк 50 сыл тухары дьонун-сэргэтин балыгынан аһатан, 90 сааhын тахсан баран 1968 с. өлбүт. Ыар кэмҥэ дьону аччыктааһынтан быыһаабыт, чулуу балыксыт хос-хос эһээм үтүө дьыалатынан киэн туттабын.
Былырыын 2022 сылга ыытыллыбыт перепиҺинэн көрдөххө, нэһилиэнньэҕэ 380 киһи олорор. Нэһилиэк дьоно үгэс быһыытынан былырр- былыргыттан төрүттэрбит дьарыктарын салҕаан сайыннара тураллар. Сүрүннээн дьон-сэргэ сүѳҺү-сылгы иитиитинэн дьарыктаналлара эдэр
ыччакка үтүө холобур буолар. Нэhилиэккэ үс бааhынай хаhаайыстыба үлэлиир. Бэйэ баҕа өттүнэн кэтэх хаһаайыстыбатын көрөн олорор дьон элбэх. Маны тэҥэ дэриэбинэ олохтоохторун сайыннары-кыһыннары үрүҥ аһынан, этинэн хааччыйар “Хаҕын” производственнай кооператива үлэтин
ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан баран, күн бүгүҥҥэ диэри тохтоппокко сайыннара олорор. Билиҥҥи олоххо цифровой техника, куйаар ситимэ күүскэ сайдан турар кэмэ буолан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар дьон үлэтэ биллэ чэпчээтэ уонна сайынна. Онон күүстээх үлэни
кыайарга-хоторго, байылыат олоххо дьулуһарга киһи бэйэтин баҕа санаата уонна онно дьулуhуута эрэ наада. Быйыл, дьэ, нэһилиэк олохтоохторугар, эдэр ыччатыгар, оскуола оҕолоругар үөрүүлээх сонун тилийэ көттѳ. Ол курдук бу сайынтан саҕалаан, оҕо билии ылар кыһата — ѳр сылларга дьон-
сэргэ, оҕо-аймах баҕа санаатын ымыыта буолбут икки этээстээх саҥа таас оскуола тутуута саҕаланар. Бу сайын эмиэ саҥа киэҥ-куоҥ хотон тутуллуута ПК “Хаҕын” үлэһиттэригэр үөрүүлээх түгэн буолуоҕа. Маны тэҥэ тыа сирин сайыннарыыга үлэлии-хамсыы олорор тэрилтэлэр: балыыһа, “Чэчир” оҕо уһуйаана, “Сардаҥа” сынньалаҥ киинэ, АТС, почта, икки маҕаһыын бааллар. Нэһилиэкпит сылтан-сыл сайдар , үүнэр, чэчириир. Хас сыл аайы саҥа дьиэ тутуллуута дэриэбинэ сайдыытын көрдөрөр. Куорат сиртэн дойдуларыгар тѳннѳн олохсуйан эрэр эдэр ыаллар бааллара дьону үѳрдэр. Ол эрэн саамай ыарахан, өр сылларга кыаллыбат боппуруос – суол кыҺалҕата буолар. Суолбут сайын аайы ардах түстэҕинэ, кыра массыына сатаан айаннаабат суола буолуор диэри алдьанар. Ол эрэн, урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, суолбут тупсуохча буолбут курдук. Кыһынын айан суола бэртээхэй. Биһиги суолбутунан Эдьигээттэр айанныыллар. Дэриэбинэ олохтоохторо сүѳҺү, сылгы иитэр сүрүн дьарыктан ураты оҕуруот олордон, оттоон-мастаан, сир астаан, бултаан, балыктаан, дьиэ ис-тас үлэтигэр сылдьан иллэҥнэрэ суох буолар. Сайын аайы оскуола оҕолоро волонтердаан хамнас аахсаллар. Нэһилиэкпит улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үтүө- мааны дьоннордоох. Холобур, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ, биллиилээх поэт Николай Егорович Егоров- Линдин, саха киинэтин аан дойдуга биллэрбит артыыс Степан Петров — Ырыа Ыстапаан, саха эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа, дьон-сэргэ сэҥээрэн истэр ырыаһыта- Григорьев Алексей Константинович-Эрчим уо.д.а.
Быйылгы үѳрэх дьыла миэхэ саамай эппиэтинэстээх сылым буолла. Номнуо аҕыйах күнүнэн күн аайы билии ыла сүүрэр оскуолам боруогун кэннибэр хаалларан, ойор-тэбэр оҕо сааспын кытта арахсар, биир кэлим эксээмэннэри туттарар эмиэ да үѳрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох, долгутуулаах күннэрим үүннүлэр. Ыал улахан оҕото буоларым быһыытынан, чугас дьонум иннигэр бу кэми бэйэбин түҺэн биэрбэккэ биир кэлим эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттарарга кыhаллабын. Хос эбээм, хос
эһээлэрим, эбээм, эһээм, дьиэ кэргэним, чугас урууларым-аймахтарым, доҕотторум баар буоланнар, суон силистээхпин, бэйэбэр бигэ эрэллээхпин. Төрөөбүт төрүт дойдубар, толору 11 сыл үөрэммит билиим кыһатыгар – күндү оскуолабар, үѳрэппит-такайбыт убаастыыр учууталларбар махталым
улахан! Үгүс үтүмэн сайдыыны, үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Инникитин саҥа оскуолабыт тиһэҕэр диэри тутуллан, сибээс, суол-иис тупсан, саҥа дьиэ-уот тутуллан, оҕо төрөөһүнүн ахсаана элбииригэр, эдэр ыччат төрөөбүт дойдутугар кэлэн олохсуйарыгар, тыа хаһаайыстыбата өссө эбии сайдарыгар улахан баҕа санаалаахпын уонна бу барыта туолуо диэн
эрэллээхпин. Үүнэ-сайда тур, мин төрөөбүт тѳрүт дойдум, биhикпин ыйаабыт ытык сирим!
Дмитриева Ньургуйаана, 11 кылаас, Бүлүү улууҺун Хаҕын орто оскуолатын
2023 сыллааҕы выпускнига
Ыам ыйа, 2023 сыл