А.Г. уонна Н.К. Чирявтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Уһук Илин уокурук орто үөрэх тэрилтэлэрин ортолоругар бастыҥнар кэккэлэригэр ааттанна. Бу улахан ситиһии буолар. Биһиги гимназия олоҕун-дьаһаҕын, иитэр үлэтин билсээри А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын үөрэх ис хоhоонугар дириэктэри солбуйааччы Сардана Николаевна Ефремованы кытары кэпсэттибит.
— Сардана Николаевна, быйылгы гимназияны бүтэрээччилэр үөрэххэ киирээһиннэрэ хайдаҕый? Оҕо идэни таларыгар туох уонна хайдах быһыылаах үлэ ыытылларый?
— Быйыл Антонина Гаврильевна уонна Николай Константинович Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын барыта 52 оҕо бүтэрбитэ. Үөрэнээччилэрбит биир кэлим эксээмэни ситиhиилээхтик туттараннар, бары 100% үөрэххэ киирбиттэрэ. Биир выпускникпыт Владислав Иванов нуучча литературатыгар биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылары ситиспитэ. Быйыл бүтэрбит оҕолор ХИФУ, ДВФУ, Сеченов аатынан ПМГМ, ВШЭ, НГТУ, УРГЮУ о.д.а. үрдүкү үөрэх кыhаларыгар киирбиттэрэ. Оҕо инники идэтин таларыгар туhааннаах араас хайысхалаах тэрээhиннэр буолаллар, холобур, кылаас ахсын уйулҕа уруогун чэрчитинэн идэҕэ туһаайар куурус, тургутук тиһигэ, биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн сүбэ-ама биэрии, эрчийии, идэҕэ бэлэмниир хайысханы таба тайанарга, эксээмэни таларга, хайа идэ сөп түбэһэрин дириҥэтэн быһаарарга, барҕалыырга өҥө оҥоһуллар. 9-11 кылаастарга аналлаах нэдиэлэҕэ куораттааҕы тэрээһиннэргэ кыттыы, «Инникигэ билиэт» портал нөҥүө иһитиннэриилэринэн көмө-өйөбүл тэриллэр. Уопсайынан, оҕо хайа да өттүнэн сайдарыгар, араас эйгэҕэ дьоҕурдаах буоларыгар, баай ис хоһоонноох, таһаарыылаах үлэ ыытыллар.
— Дойду патриоттарын иитиигэ гимназия иһигэр хайдах хайысхалаах үлэ тэриллэрий?
— Төрөөбүт дойдуга, норуокка тапталы иитиигэ биhиги гимназиябытыгар улахан болҕомто ууруллар. Төрөөбүт дойдуга, норуокка тапталы иитии социальнай-гуманитарнай хайысхалаах предметтэр уруоктарыгар тэриллэр: саха тылын уонна литературатын, история, обществознание, ОБЖ, нуучча литературатын, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууратын о.д.а. уруоктарыгар. Ону таһынан араас тэрээhиннэр буолаллар: сэрии бэтэрээннэрин кытары көрсүhүүлэр, кинилэргэ көмө, «Сэрии дуораана — мин дьиэ кэргэммэр» кылаастар кинигэлэрин таhаарыы, историяҕа викториналар, дебаттар, аhымал акциялар, спортивнай күрэхтэhиилэр, байыаннай ырыа уонна хаамыы күрэҕэ, лиэксийэлэр, эр буолуу уруоктара, кылаас чаастара. Маны таһынан, оҕо төрөөбүт төрүт тылын дириҥэтэн үөрэтиитигэр элбэх үлэ эмиэ ыытыллар. Ол гынан баран, оҕо сахалыы эйгэни, бастатан туран, дьиэтигэр иҥэриниэхтээх. Онон, төрөппүттэргэ туһаайан этиэм этэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону кыра эрдэҕиттэн сахалыы өйгө-санааҕа, саҥаҕа иитиэххэ, сахалыы эйгэни оҕо төрүөҕүттэн тэрийэргэ дьулуһуҥ.
— Билигин национальнай гимназияҕа киирии хайдаҕый?
— Гимназиябытыгар маҥнайгы кылааска оҕолору олорор сирдэринэн ылабыт. Быйыл 5 маҥнайгы кылаас аhыллан, баҕалаах 140 оҕо барыта киирбитэ.
— Быйылгы үөрэх дьыла хайдах саҕаланна? Туох саҥа уларыйыылар баалларый?
— Бүгүҥҥү күн туругунан национальнай гимназияҕа барыта 1281 оҕо үөрэнэр, 87 учуутал улэлиир. Пандемиянан сибээстээн, үөрэнээччилэр алтыhыыларын аҕыйатаары, сүүрээннэринэн кэлэн үөрэнэбит. Ол аата маҥнайгы сменаҕа — 10, 11 кылаастар, холобура, оруобуна 8 чаастан кэлэн үөрэнэллэр, 5-9 кылаастар — 8 чаас 20 мүн., 4 кылаастар — 8 чаас 40 мүн., 1 кылаастар — тоҕус аҥаар чаастан. Ити курдук иккис смена үөрэнээччилэрэ эмиэ сүүрээнинэн кэлэн үөрэнэллэр. Икки киирэр аанынан оҕолор температураларын мээрэйдэтэн баран ааhаллар. Хас биирдии кылаас бэйэтэ анал кэбиниэккэ үөрэнэр. Уруоктарбыт 40-нуу мүнүүтэлээхтэр. Остолобуойга аhыылларыгар эмиэ кылаастар анал бириэмэлэригэр кэлэн аhыыллар. Куйаар ситиминэн уруоктарбыт «зум» нөҥүө буолаллар, уруоктарга араас саҥа информационнай ньымалары туhанабыт.
— Сардана Николаевна, түмүккэ баҕа санааҕыт.
— Үөрэнээччилэргэ баҕарыам этэ, дьаныардаахтык үөрэнэллэригэр, толлубакка араас үрдүк үөрэх кыhалара ыытар олимпиадаларыгар кыттан иhэллэригэр. Олимпиада кыайыылаахтара уонна призердара үөрэххэ киирэргэ эбии баал ылаллар, ону саныах уонна туһаныах тустааххыт. Кэллиэгэлэрбэр — өрөспүүбүлүкэбит учууталларарыгар кытаанах доруобуйаны, таhаарыылаах үлэни баҕара хаалабын.
Үлэ-хамнас, үөрэх табыллыыта, ситиһиитэ күннээҕи олоҕу сөпкө былаанныыртан, ону таба сатаан туһанартан тутулуктаах. Оскуола оҕотугар ол эмиэ олуччу сыһыаннаах. Быйылгы үөрэх дьыла оскуоланы бүтэрээччилэргэ эппиэттээх дьыл. Үрдүк үөрэххэ киирии түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх Уһук Илин эрэгийиэн оскуолаларын кэккэлэригэр сылдьар национальнай гимназия үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрин санааларын-оноолорун, БКЭ-ни туттарарга бэлэмнэнии, инники былааннарын туһунан истиэххэйиҥ.
Ольга Неустроева, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 11-а кылаас үөрэнээччитэ:
— Үксүгэр 8 чаастан үөрэнэбин, ол иһин сарсыарда 6 аҥаарга турабын, аһылыкпын бэлэмнэнэн, аһаан, хомунан оскуолабар барабын. Кылааспытыгар үс хайысханан үөрэнэбит: гуманитарнай, техническэй уонна биолого-химическэй. Хайысха аайы тус-туспа араспысаанньа оҥоһуллар. Уруоктар кэннилэриттэн талбыт предметтэрбэр консультацияҕа сылдьабын, олимпиадаларга бэлэмнэнэбин. Билигин иллэҥ кэмим аҕыйах, ол иһин үөрэх таһынан атын дьарыгым суох. 2019 сыллаахха музыкальнай оскуоланы бүтэрбитим, фортепиано отделениетыгар үөрэммитим, ону таһынан чэпчэки атлетиканан дьарыктанар этим.
Миигин промышленнай дизайн хайысхата интэриэһиргиир. Боростуойдук эттэххэ, массыыналары уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Гимназияҕа БКЭ бэлэмнэниитигэр улахан болҕомто ууруллар. Иккис чиэппэргэ гимназиябытыгар «свободное посещение» диэн баар буолар, онно сорох туттарбат предметтэргэ бэйэҥ баҕаҕыттан көрөн сылдьыахха сөп. Босхоломмут кэмҥэ туттарар предметтэргэр дьарыктаныахха сөп, эбэтэр ону таһынан олимпиадаҕа эҥин кыттар буоллаххына, онно бэлэмнэниэххэ сөп. Мин туттарар эксээмэннэрим: обществознание уонна омук (английскай) тыла.
Эрдэттэн ким, туох үлэһит буоларгын билбэт буоллаххына, инники идэни таларга ыарахан. Гимназияҕа психология уруогар профориентационнай тестары ыыталлар, ол улаханнык көмөлөһөр дии саныыбын. Онтон сөбүлүүр идэбин бэйэм баҕа санаабынан талбытым.
Артемий Михайлов, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 11-б кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин күнүм сарсыарда 7 ч. саҕаланар. Оскуолаҕа сарсыарда 8 ч. үөрэнэбин. Күнүс 13-14 чааска дылы уруоктар, эбии үөрэхтээһиҥҥэ талбыт предметтэрбинэн (химия, биология) дьарыктанабын. Быраас идэтэ дьоҥҥо туһалаах, ханнык баҕарар бириэмэҕэ наадалаах идэ диэн кыра эрдэхпиттэн быраас буолар баҕа санаалаахпын. Ол иһин биологияны, химияны, медицинаны ордук интэриэһиргиибин. Бу предметтэр олимпиадаларыгар куорат, республика таһымыгар ситиһиилээхтик кыттабын. Араас конференцияларга талбыт тиэмэбинэн дакылаат суруйан кыттааччыбын. Бүтэһик дакылаадым тиэмэтэ «Динамическая модель анатомии внутренних органов человека на якутском языке». Бу үлэбэр технологияҕа учууталым Михаил Иванович Павлов көмөтүнэн ПВХ пластиктан уонна картонтан ис уорганнары көрдөрөн үөрэтэр модель оҥорбуппут, биологиям учуутала Валентина Гаврильевна Никитина уонна нуучча тылын учуутала Венера Илларионовна Илларионова салайыытынан ис уорганнар ааттарын нууччалыыттан сахалыы тылбаастаабыппыт. Иллэҥ бириэмэбэр гитараҕа оонньуурбун, байыаннай тиэхиникэ, самолеттар модельнай конструктордарын хомуйарбын сөбүлүүбүн. Мин БКЭ туттарарбар биологияны уонна химияны талбытым. Бу предметтэргэ гимназияҕа уруок кэнниттэн эбии чиҥэтэн үөрэтэбит. Оскуолам иһинэн талбыт предметтэрбэр кыра кылаастан интэриэһиргээн үөрэнэбин, олимпиадаларга уонна конференцияларга кыттарбар мин учууталларым Валентина Гаврильевна Никитина (биология) уонна Валентина Николаевна Кисиляхова (химия) улахан кылааттара уонна сыраларын түмүгэ буолар дии саныыбын. Талбыт идэбинэн үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн, үчүгэй быраас буолуом диэн эрэллээхпин.
Ити курдук бастыҥ үөрэх кыһата — Антонина Гаврильевна уонна Николай Константинович Чиряевтар үрдүк ааттарын сүгэр Дьокуускай куорат национальнай гимназията Сахабыт сирин аатын бүтүн дойдубут үрдүнэн дорҕоонноохтук ааттатан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, айа-тута, оҕолор салайар талааннарын, айар дьоҕурдарын сайыннара, үчүгэйгэ сирдии, үөрэтэ олорор.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.