«Төрүт сирим – мин төлкөм, Түбэй-Дьаархан – мин дойдум!» диэн Н.Чуор тылларыгар олохтоох мелодист А.Афанасьев суруйбут ырыатыгар сигэнэн «Эрэл» оҕо түмсүүтэ төрөөбүт сирбитин-уоппутун билэ-көрө, төрүт сирбит түөлбэлэрин ааттарын үөрэтэр-чинчийэр сыаллаах бырайыак хамсааһынынан үлэлии сылдьабыт.
Ол курдук, биир күн нэһилиэкпит кырдьаҕас олохтооҕун Иванов Валерий Васильевиьы илдьэ аатырбыт Арыылаахпыт сыһыытын быһа холуйан үс гыммыт биирин эргийэн кэлбиппит. Өссө даҕаны Арыылаахпыт сыһыыта муҥур улахан. Бу сырыыбыт түмүгэр төрөөбүт дойдубут хайдах курдук киэҥин, айылҕабыт кэрэтин, билбэппит олус элбэҕин чопчу өйдөөтүбүт, төрөөбүт дойдубутугар тапталбыт өссө күүһүрдэ.
Бырайыакпыт Арыылаах сыһыытынан эрэ бүппэт: өрүс уҥуоргу өттүгэр С.А.Зверев төрөөбүт, олорбут, бултаабыт олбуордарынан сылдьар былааннаахпыт. Манна «Аан Аартык» диэн улуу киһибит олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах анал бырагыраама биһиги Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан орто оскуолабытыгар үлэлиир.
«Эрэл» оҕо түмсүүтэ.