Бүгүн биһиги оскуолабытыгар ыраас халлаан анныгар норуоппутугар биир сүдү суолталаах Саха Судаарыстыбаннаһа төрүттэммитин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Төрөөбүт төрүт дойдубутун уруйдуур ырыа дьиэрэйдэ, өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран эҕэрдэ тылларын нэһилиэк баһылыга Николай Гаврильевич Федоров, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата Прокопий Егорович Макаров, оскуола дириэктэрэ Валерий Валериевич Петров эттилэр.
Бу күн оҕолор радионан бэлиэ күнү сырдатан кэпсээтилэр, кылаас чаастара, квест оонньуу ыытылыннылар, Үлэ сылыгар аналлаах фотовыставка, “Мин төрөөбүт дойдум” уруһуй выставката турда.
Биһиги медиа киин оҕолоро, үөрэнээччилэртэн уонна учууталлартан төрөөбүт дойдубут, Республикабыт туhунан төһө билэллэрин билгэлиир ыйытыы оҥордубут.
Бу күн биһиги Республикабытыгар туох бэлиэ күнэй?
Петров Валерий Валерьевич: — Бүгүн Республикабыт государственнаһын күнэ.
Егорова Даша: — Бүгүн биһиги Саха сирин государственнаһын күнүн
бэлиэтиибит
Саха сирин бастакы президенэ?
Валерий Валерьевич: — Бастакы президеммыт Михаил Ефимович Николаев,
ытык киһибит. Кини республика сайдыытыгар олус улахан оруоллаах.
Габышев Слава: -Биһиги Республикабыт бастакы президенэ Михаил Ефимович
Николаев буолар.
Саха сирин былааҕарын баар күн ойуута тугу бэлиэтиирий?
Габышев Слава: -Саха норуотун инникитин уонна норуот ырааһын, кэрэтин
бэлиэтиир.
Дмитрий Юрьевич: — Саха былааҕар баар күн сырдыгы, сылааһы уонна
санаабыт ырааһын бэлиэтиир.
Суверенитет диэн тугуй?
Валерий Валерьевич: — Суверенитет диэн бэйэн республикан иһигэр баар үлэни-
хамнаһы бэйэн дьаарыстаан ыытарга, улахан төһүү күүс буолар.
Дмитрий Юрьевич: — Суверенитет диэн нуччалыы эттэххэ независимость.
Оллонова Нарыяна, Матросова Уля,
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ