Күөллэри харыстааһын — биһиги оскуолабыт биир сүрүн соруга. Күөл — кэлэр көлүөнэ ыччакка хаалар баайа-дуола. Ыччакка маннык харыстабыллаах өйү-санааны олохсутар туһуттан Кэбээйи орто оскуолата 5-11 кылаастарга ситимнээх үлэни сылын ахсын ыытар.
Ол курдук, балаҕан ыйын 12 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэрэ сыһыарыллыбыт күөллэрин кытылын ыраастаан, отун-маһын, үөнүн-көйүүрүн чинчийэн уонна айылҕа сибиэһэй салгынынан тыынан кэллилэр. Орто сүһүөх кылаастар «Уолбукка», “Малыыдаҕа”, “Ынах Булуҥар”, “Сиҥнээлигэ”, улахан кылаастар “Кэбээйигэ”, “Лиһэҕэ”, “Липпэлээххэ”, “Умсаннаахха” о.д.а. тиийэ сырыттылар. Уолаттар күөл кытыытыгар мустубут улахан мастары тиэйэргэ бэлэмнээтилэр, кыргыттар сайын устата тахсыбыт кыра бөҕү-сыыһы кууллаан, чөмөхтөөтүлэр.
Оҕолоор, кыра эрдэхтэн айылҕа кэрэтин болҕойон көрөр, харыстыыр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка улаатар биһиги ытык иэспит буоларын өйдүөххэ. Маннык айылҕалыын алтыһан, билэн-көрөн, эппитигэр-хааммытыгар иҥэриннэхпитинэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэбитигэр дьон сыһыана уларыйыа, күөллэрбит уолбакка туруохтара, собото дэлэйиэ, көтөр-сүүрэр таптаан олохсуйуо!
Аэлита ГАБЫШЕВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ, «Дьоҕур» пресс-киин.