Бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыыр Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын V ” В” кылааһын үөрэнээччитэ Михайлова Кюннэй. Кини 2020 сыллаахха сайыҥҥы сынньалаҥар ийэтинээн тэлгэһэтин иһигэр үүнэр оттору-мастары, сибэккилэри чинчийбит, үөрэппит. Онтон нөҥүө сылыгар «Биһиги тулабытыгар туһалаах үүнээйилэр» диэн чинчийии үлэтин саҕалаабыт. Үлэтин түмүгүнэн эмтээх үүнээйилэр баалларын, туһата үгүстэрин бэлиэтээбит. Биир тэлгэһэ иһигэр үүнэр оттортон утах, барыанньа, сироп оҥоруохха сөбүн билбит. Ол туһунан ааҕыахха, туска туһаныахха!
Ньээм ньээм сибэккини атыннык алтан төбө диэн ааттыыллар.
Сырдык, күлүк да сирдэргэ үүнэр. Сибэккититтэн мүөт оҥороллор. Битэмиинэ олус элбэх, суога хааны ыраастыыр, эмтиир. Саамай эмтээҕэ силиһэ. Маны күһүн хостууллар. Сэбирдэҕин сууйан, бытарытан баран күөх чэй оҥостон иһиэххэ эбэтэр аска тума курдук туттуохха сөп.
Бохсурҕан
Саамай эмтээх үүнээйи. Оргутан сайҕаныахха, бааска туттуохха, иһиэххэ сөп.
Сиэмэтэ киһи атаҕын таҥаһыгар, сүөһү туйаҕар сыстан тарҕанар. Ордук сэбирдэҕэ эмтээх. Суол, ыллык кытыытыгар, тиэргэҥҥэ сөбүлээн үүнэр. Киһи кута-сүрэ чөлүгэр түһэригэр улахан көмөлөөх, үтүө дьайыылаах от.
Yөрэ ото
Америка учуонайдара үөрэ ото рак ыарыы килиэккэтин 98%-нын 16 чаас иһигэр суох оҥорор диэн арыйбыттара. Ордук киһи утуйарыгар, уоскуйарыгар көмөлөһөр. Бытарытан баран таҥас мөһөөччүккэ угаҕын. Сахалар уруккуттан дьиэ салгынын ыраастыырга туһаналлар. Үрүҥ аһы кытта ордук минньигэс, иҥэмтэлээх. От ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри отун хомуйаллар, оттон күһүн силиһин. Үөрэ ото эбэтэр кыа уга сир аайы тарҕанан үүнэр.
Кыабакы от
Хаан тымырдарын ыраастыыр, уойууну тохтотор. Киһи сүрүн уорганнара сөпкө үлэлииллэригэр көмөлөһөр. Отуттан эмтээх утах оҥостон иһиэххэ сөп. Сибэккилээтэ даҕаны, сайыны быһа хомуйаллар. Күөллэри, кумах чаардары, сииктээх сирдэри батыһа үүнэр. Үөһээ умнаһыттан 40 см тэйэн баран кырыйан ылаллар.
Сардаана
Саха сиригэр бу сибэкки икки көрүҥэ баар – даурскай уонна кудреватай. Бэс ыйын 30 күнэ – Сардаана сибэкки күнэ. Бааска, сүһүөх ыарыытыгар, хоһоҕону суох оҥорорго, кулгаах, тыҥырах ыарыыларыгар олус туһалаах
диэн биллэр. «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит сэдэх сибэкки. Yргүүр көҥүллэммэт. Былыр аһын түөрэн, буорту буолбатын диэн сөрүүн сиргэ ууран хатараллара. Луугун хостоон ылан бэйэтинэн эбэтэр буһаран битэмиин курдук сииллэр эбит.
Бу үүнээйилэр барыта Кюннэй тэлгэһэтигэр үүнэллэр эбит. Ол эрэн, Кюннэй биири сэрэтэр. Абааһы тайаҕа диэн сүрдээх кутталлаах от баарын үөрэтэн билбит. Сэрэхтээх буолуҥ!
Абааhы тайаҕа
Күһүн ситтэҕинэ сибэккитэ сиэмэ буолан ыраахха диэри көтөр, тарҕанар эбит. Бу от олус дьааттаах. Тиэргэҥҥэ олус элбэх үүнүөн сөп. Ордук күн уотугар кутталлаах. Киһи тириитигэр сыһыннаҕына сиэн суол хаалларыан, хараххын эчэтиэххин сөп. Ол иһин үүнээйини тыытан баран, илиигин мыылалаах уунан суунуохтааххын. Кумарин уонна фурокумарин диэн күүстээх тутулуктаах эбит. Абааһы тайаҕа оту суох оҥорорго үчүгэйдик таҥнар ордук. Сэбирдэҕэ тэллэҕэр, улахан. Уга суон, уһуна 2 миэтирэҕэ тиийэн сөп.
Ити курдук,төрөөбүт дойдубут айылҕата олус сиэдэрэй. Оннооҕор тэлгэһэбит иһигэр араас үүнээйилэр үүнэллэр эбит. Эһиги эмиэ Кюннэй курдук сайыҥҥы сынньалаҥҥытын туһалаахтык атаарыҥ. Элбэҕи ааҕыҥ, чинчийин.
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова
7 7
Маладьыас, наьаа учугэй. Сал5ыы ситиьиилэри.
Молодец Күннэй
Күннэй молодец инник билиигин халыҥатан ис
Маладьыас Куннэй, улэ5ин сал5ыы чинчийэн, киэц араца5а билиьиннэрэргэр ба5арабын.
Куннэй маладьыас, сал5ааьыннар ситиьиилэри
Наһаа туһалаах чинчийиилэр Сорох бачча сааспар диэри тэлгэһэм отун таах көрөн,тэпсэн эрэ кэлбитим.Хата Күннэй чинчийиилэриттэн элбэҕи биллим,туһанным,онон махталым улахан! Маладьыас!Өссө да элбэҕи билэн-көрөн бар дьоҥҥор тиэрдэ тур!
Күннэй маладьыас, өссө ситиһиилэри баҕарабын