Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгэр СӨ норуодунай артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, ырыаһыт Анастасия Николаевна Варламова-Эдьиий Настаа төрөөбүтэ 70 сылын көрсө биирдиилээн толорооччулар ортолоругар «Төннө туруоҕум алааспар» бастакы аһаҕас күөн күрэс ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ Нам, Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Хаҥалас, Өлөөн улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 40 ырыаһыт кыттыыны ылбыта.
Дьүүллүүр сүбэни өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа айааччылар Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Егоров салайбыта. Киниэхэ А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин сүрүннүүр үлэһитэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова-Алтан Кыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист Владимир Кузьмин, СӨ култууратын туйгуна, Майатааҕы М.К. Попова аатынан оҕо искусствотын оскуолатын иһинэн устуудьуйа салайааччыта, мелодист Дмитрий Санников уонна Эдьиий Настаа хаан-уруу аймаҕа, Бэдьимэтээҕи «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Матрена Филиппова көмөлөспүттэрэ.
Бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр Р.Г. Васильев аатынан мусуой, олохтоох оскуола, бибилэтиэкэ уонна сынньалаҥ киин үлэһиттэрин күүстэринэн Эдьиий Настааҕа аналлаах дьоһуннаах быыстапканы тэрийбиттэрин дьон сэҥээрэ көрбүтэ.
Эдьиий Настаа дьоро түһүлгэтэ
«Төннө туруоҕум алааспар» күөн күрэс болдьоммут кэмигэр сарсыарда лоп-бааччы 11 чаастан саҕаламмыта. Хас биирдии кыттааччыттан иккилии ырыаны (Анастасия Варламова ырыалара уонна көҥүл толоруу) ыллыыра эрдэттэн ирдэммит буолан, сыана кэтэҕэр бэлэмнэнии күүрээнэ көрүдүөртэн ала-чуо иһиллэрэ.
Саалаҕа толору мустубут көрөөччү иннигэр бииртэн биир кыттааччы сыанаҕа тахсан, Эдьиий Настаабыт барахсан уостан түспэт ырыаларын иэйиилээхтик толороллоруттан олохтоохтор нохтолоох сүрэхтэрэ долгуйбута, санаалара көнньүөрбүтэ. Ол күн Анастасия Варламова саха өлгөм үүнүүлээх алааһын өрөгөйүн ырыата буолбут «Аҕам алааһа» ырыатын 13, «Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн» ырыаны 7 кыттааччы толорбута тэрээһини ураты тыыҥҥа киллэрдэ. Ону таһынан 25 мелодист тус айбыт ырыата бу дьоро күҥҥэ ылламмыта хайа да ааптарга долгутуулаах.
Кыайыы көтөллөөхтөр
Тэрээһин долгутуулаах түгэнэ – түмүк чааһа. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан:
«Кылаан бириис” (Гран-при) – Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн Терентий Егоров.
I степеннээх лауреат – Уус Алдан Өнөрүттэн Ион Лукачевскай;
II степеннээх лауреат – Мэҥэ Ханалас Моорук Суолатыттан Марфа Егорова;
III степеннээх лауреат – Уус Алдан Өнөрүттэн Анна Лукачевская.
I степеннээх дипломант – Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн Лилия Стручкова;
II степеннээх дипломант – Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыттан Валентина Алексеева уонна Өлөөн улууһуттан Валерианна Новгородова;
III степеннээх дипломант – Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтиттэн Ульяна Ефремова уонна Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕыттан Анна Борисова.
«Бастыҥ доҕуһуол» – Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыттан Ньургустан Попов;
«Кэскиллээх ырыаһыт» – Уус Алдан Баатаҕайыттан Леонид Готовцев;
«Көмүс куолас» – Мэҥэ Хаҥалас Наахаратыттан Варвара Никанорова;
«Бастыҥ дебют» – Уус Алдан Уһун Күөлүттэн Андрей Никитин;
«Авторскай ырыа» – Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн Любовь Стручкова;
«Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» – Мэҥэ Хаҥалас Хорообутуттан Петр Сергучев.
Ону таһынан биирдиилээн бириистэр туттарылыннылар.
Өйөбүлгүт сөҕүрүйбэтин!
Бу күн күндү күүтүүлээх ыалдьыттарынан Государственнай Дума депутата Федот Тумусов кэргэнэ Зоя Егоровналыын буоллулар. Кинилэр Эдьиий Настааны кытта Орто дойдуттан арахсыар диэри чугастык билсибит ыкса доҕотторо эбит. Онон бу тэрээһини ыытыыга, кини аатын үйэтитиигэ өрүү күүс-көмө, өйөбүл буоланнар, А.Н. Варламова туһунан хас да кинигэни үбүлээн таһаартарбыттарынан киэн туттабыт. Тумусовтар дьиэ кэргэн бу тэрээһиҥҥэ хас да анал бирииһи туруорбуттарын саалаҕа мустубут дьон ытыс таһынан айхаллаатылар, махталларын биллэрдилэр. Ону таһынан Бэдьимэ олохтоох дьаһалтата (баһылык Ф.К. Баишев), В.В. Ноев аатынан сынньалаҥ киин, нэһилиэк үгүс тэрилтэлэрэ, чааһынай предпринимателлэр, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, республикатааҕы ырыа айааччылар сойуустара, Майатааҕы оҕо искусствотын оскуолата уонна эдьиий Настаа хаан-уруу аймахтара бу күөн күрэһи тэрийиигэ күүс-көмө буолбуттарын киэн тутта, махтана ааттыыбыт.
Саха алааһын иэйиэхситэ, эдьиийбит Анастасия Николаевна Варламова үтүө аата саха ырыатын көмүс пуондатыгар үйэ-саас тухары хаалыаҕа, эдэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуоҕа. Кини айбыт кэрэ ырыалара муҥура суох уһун кэм устата ылланыа, дьону-сэргэни өссө да үөрдүө, сэргэхситиэ турдаҕа.
Бибилэтиэкэр Нюргуйаана Сергучева.
Бэдьимэ, Мэҥэ Хаҥалас.
Хаартыскаларга: 1. Гран-при Терентий Егоров. 2. Кыайыылаахтар.