Бастакы ыраах командировкам
СГУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрэн, туох да мөккүөрэ, саарааһына суох, миэхэ анаммыт үлэҕэ — “Кэскил” оҕо республикатааҕы хаһыатыгар эрэллээхтик, үөрэ-көтө үлэлии киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэ, дипломмун ыла да иликпинэ, “Кэскилгэ”, ала-чуо миэхэ миэстэ ууран олорорун туһунан кылаабынай редактор Нина Иннокентьевна Протопопова эрдэ этэн, биллэрэн турар. Ону мин дьылҕам күндү бэлэҕин курдук ылынабын. Ол туһунан суруйбут ахтыым “Почетные граждане республики” диэн “Бичик” кыһа аналлаах сериятыгар, Нина Иннокентьевна Протопопова олоҕун сырдатар кинигэҕэ баар. Ол номнуо ырааппыт сүүрбэ сыл анараа өттүгэр талан ылбыт идэбэр уонна үлэбэр бэриниилээхтик, харыс да халбарыйбакка, атын үтүөнү отой көрдөөбөккө, бу эйгэни чахчы сөбүлээн, түптээхтик үлэлээн кэллим.
Бу күннэргэ, хамсык ыарыы аан дойду дьонун нус-хас, көҥүл, сэргэх, кэлиилээх-барыылаах олоҕун күөмчүлээбит, хам хатаабыт кэмигэр биир бэлиэ кинигэни соһуччу буллум: “Мин—эбээн киһитэбин” диэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, САССР үтүөлээх учуутала, Муома улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Николаевна Бокова талыллыбыт айымньылара, айар үлэтин, чугас дьонун, аймахтарын туһунан суруйуулара уонна кинини кытта алтыспыт дьон истиҥ ахтыылара, анабыл хоһоонноро түмүллүбүт кинигэтэ. Онно “Мин—эбээн киһитэбин” диэн Евдокия Бокова туһунан “Кэскилгэ” тахсыбыт бэйэм суруйуубун булан ыллым. Кинигэ аата мин суруйуум “төбөтүттэн” тахсыбытын өйдөөн көрөн, бэл, долгуйдум уонна бастакы ыраах айар командировкабын санаан кэллим.
Дипломнай үлэбэр дойдум “Ленинскэй тэрийээччи”—“Мүрү саһарҕата” хаһыат историятын чинчийэн, “туйгуннук” көмүскээн, “суруналыыс” дипломун туппутум. Кыратык сынньана түһээт, үлэҕэ тахсыбытым. Ити сыл хаһыаппыт 65 сыллаах үбүлүөйүн Оҕо саас дыбарыаһыгар бэлиэтээбиппит. Ол кэмҥэ үбүлүөйү көрсө оҕо сааһым кыһыл өҥнөөх хаһыатын — “Бэлэм буол” туһунан “Саха сирэ”, “Кэскил” хаһыаттарга ахтыы суруйа олорорум арай, күн бэҕэһээ курдук.
Үлэлии киириэхпиттэн хаһан ыраах командировкаҕа барарбын олус күүппүтүм. Ол түгэн тосхойон, сэтинньи ый бүтүүтэ, үөрэҕин саҥа бүтэрбит саҥа үлэһит ыраах Муомаҕа барар буолбутум. Ким да мин ыраах айанныырбыттан саараабатаҕа, саарбахтаабатаҕа. Онуоха үөрэ санаабытым. Бэйэм эмиэ, эрэлим бөҕө этэ: хотугу сири көрөн, үгүһү сомсон, элбэҕи, сонуну суруйуом диэн. Барарым саҕана редакцияттан аҕа дьонум сүбэлэринэн, кабинеттары кэрийэ сылдьан, кимиэхэ, отделларга туох матырыйаалы ыраах сиртэн аҕаларбын ыйыталаспытым. Онуоха оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ Евдокия Семеновна Иринцеева суруналыыс тугу көрүөхтээҕин-истиэхтээҕин, болҕойуохтааҕын, тиэмэтигэр тиийэ, барытын миэхэ наһаа үчүгэйдик сиһилии этэн, быһааран биэрбитэ уонна бэйэтэ урут Муомаҕа тиийэ сылдьыбытын кэпсээбитэ. Бу айаммын мин олус күндүтүк саныыбын: Муомаҕа эбээн норуотун хоһуун, айар куттаах дьонун Евдокия Бокованы, Мария Федотова-Нулгынэты кытары билсиһиим, “Кэскилгэ” хаста да бэчээттэммит ааптар Дмитрий Черовтыын көрсүһүү, кыһыннары устан үрүлүйэ сытар тарыҥнар, оройдоро күҥҥэ күлүмүрдүүр халлааҥҥа харбаспыт хотугу хайалар, Хонууга баар аатырбыт Ю хайа, дьүкээбил суһума, Индигиирдээҕи агрооскуола, хотугу кыраай дьоҕурдаах, тулуурдаах оҕолоро — барыта миэхэ бэрт сонун, ураты этэ. Икки сыл курдук Муома туһунан “Кэскилгэ” “эн бэйи, тохтуу түһүүй, наар Муома буолла”, диэхтэригэр диэри сырдаппытым. Ити командировкам кэнниттэн Муоматтан миэхэ аадырыстаммыт суруктар кэлэр буолбуттара. Онтон ыла, кэлин эмиэ, ханна эмэ командировкаҕа бараары гыннахпына, Евдокия Семеновна бастакы командировкабар сүбэлээн, алҕаан ыыппыт тылларын санаан кэлэр буолбутум. Ханна эмэ бараары гыннахпына, киниттэн бэйэтиттэн сүбэ-соргу истэргэ мэлдьи бэлэм буолааччыбын. Кини кимиэхэ баҕарар: айар дьоҥҥо айар үлэ ымпыгын-чымпыгын кэпсиирэ, тиэрдэрэ мэлдьи элбэх.
Бу кэлэктиип уратыта
Бу кэлэктиип сүрүн уратыта—ити курдук, бэйэ-бэйэҕэ киһилии, харысхаллаах, хардарыта доҕордуу, истиҥ, иһирэх сыһыан, көмө-тирэх буолуу, дьон үтүө өрүтүн, кэрэ сиэрин-майгытын өрө тутуу, ону чорботуу, үрдэтии… Итинник сылаас эйгэни биһиги бочуоттаах редакторбыт Нина Иннокентьевна төрдүттэн сатабыллаахтык иҥэрдэҕэ. Аны туран, кэлэктиипкэ хас да көлүөнэ дьон алтыһар бэртээхэй эйгэлэрэ иилиирэ, киһини угуттуура. Ити эмиэ иитэр-үөрэтэр суолталаах үгэс. Эдэр киһи аҕа дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга, араас саастаах дьону кытта алтыһа үөрэнэрэ киниэхэ бэйэтигэр улахан оскуола. Онон итинник үтүөкэн дьоннуун алтыспыт сылларбын күндүтүк да саныыбын.
Нина Иннокентьевна мэктиэлээбит, эрэммит киһитэ
2011 с. “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыат редакциятын кылаабынай редакторынан Евдокия Иринцеева анаммыта. Кини—Нина Иннокентьевна Протопопова бэйэтэ мэктиэлээбит, эрэммит, оҕотун курдук саныыр, ылынар, таптыыр чугас, күндү киһитэ. СӨ суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Евдокия Семеновна Иринцеева оҕо бэчээтин иһиттэн билэр, икки тылы дэгиттэр баһылаабыт, өссө омуктуу холкутук кэпсэтэр сэдэх кыахтаах суруналыыс, редактор, талааннаах суруйааччы. Кини кылаабынай редакторынан анаммытыгар, Нина Иннокентьевна биллэн турар, олус диэн үөрбүтэ, астынарын, итэҕэйэрин биллэрбитэ. Хаһыаты эрэллээх илиигэ, бэйэтэ отуттан тахса сыл иитэн таһаарбыт киһитигэр туттардаҕа.
Мин доҕорум — “Бэлэм буол”-“Кэскил”
Бэйэм оҕо сааспын аҕыннахха, биһиги дьиэбитигэр оҕо хаһыата, сурунааллара, кинигэлэрэ киһини өйдүүр буолуохпуттан баара. Эбэм барахсан Матрена Никитична Жиркова оскуолаҕа киирэр сылбар: “Мин оҕом “Бэлэм буол” хаһыакка суруйуо, суруксут буолуо”, диэн, ойуурга отоннуу сылдьан, айылҕа быыһыгар үссэнэ олорон, итинник этэн кэбиспитин илэ-бааччы өйдүүбүн. “Бэлэм буол”-“Кэскил”, “Будь готов”-“Юность Севера” хаһыат — мин чугас доҕотторум этэ. Алын кылааска үөрэнэ сылдьан, кимҥэ да эппэккэ эрэ, суруйууларбын редакцияҕа буолбакка, типографияҕа ыытан куугунаппыттаахпын. Хомойуох иһин, үөрэммит оскуолаларбар (Лөгөйгө, Мүрү 1 №-дээх оскуолаларыгар) эдэр кэрэспэдьиэннэр постара диэн ончу суоҕа. Инньэ гынан, испэр постар үлэлэрин хаһыаттан ааҕан ымсыырарым. Онон мин бастакы сэмэй суруйууларбын ийэм, омук тылын уонна төрүт култуура учуутала Людмила Лукинична Леонтьева, итиэннэ “Дьоҕур” общество аан бастаан көрбүтэ, болҕойбута. Оттон 1995 с. ытык-мааны Өлүөнэ очуостарын таптыыр хаһыатым “Кэскил” көҕүлээбит айар куонкурустарыгар иккитигэр кыайан (хоһооҥҥо, итиэннэ “Мин бүгүҥҥү эйгэм” диэн өйтөн суруйууга) өрөспүүбүлүкэ оҕолорун уонна таптаан ааҕар хаһыатым үлэһиттэрин кытта аан маҥнай көрбүтүм туохха тэҥнэһиэй?
Аан бастаан кинилэрдиин алтыспытым
Хаһыат үлэһиттэриттэн аан бастаан көрсүбүт, алтыспыт дьонум Николай Васильев, Анатолий Павлов-Дабыл, Евдокия Иринцеева. Хантан билиэм этэй, ол сэмэй көрсүһүүлэр миигин кэлин “Кэскил” кэрэ эйгэтигэр сирдиэхтэрин, кинилэри кытары чугастык алтыһан үлэлиэм диэн? Евдокия Семеновна, Александра Курилкина устудьуон эрдэхпинэ практикаларбын үчүгэйдик да салайбыттара. Оттон Николай Прокопьевичтыын, Анатолий Николаевичтыын букатын да биир кабинекка түбэһэн, уһуннук, эйэлээхтик, айымньылаахтык үлэлээбиппит. “Кэскилгэ” үлэлээн, Сахам сирин араас улуустарыгар дьикти дьылҕалаах дьону көрсүбүтүм, оҕолордуун бодоруспутум, Турцияҕа, Францияҕа “Кэнчээри” оҕо норуодунай, Россиятааҕы ансаамбылын эппиэттээх улахан тэрээһиннэргэ суруналыыс, тылбаасчыт, салайааччы быһыытынан арыаллаан сылдьыым, Кыргыстааҥҥа Чингиз Айтматов үбүлүөйүгэр анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыым, Москваҕа суруналыыстар Бүтүн Россиятааҕы XII сийиэстэригэр оҕо бэчээтин аатыттан делегатынан талыллан тиийиим — чахчы үтүө, дьоһун түгэннэр. Күн аайы “Кэскилгэ” сир түннүгэ дьоннуун көрсүбүтүм, алтыспытым, кэпсэппитим кырдьык, күндү бэлэхтэр. “Задай вопрос первому Президенту”, “Эдэр политолог муннуга” курдук бырайыактарбын, “Зима начинается с Якутии” фестиваль чэрчитинэн Чысхаан уобараһын киэҥник сырдатыыга Өймөкөөн улууһун кытары бииргэ үлэлээбиппин, оҕо киинэтэ, медиа, IT хайысха сайдыытын тула көҕүлээбит кэпсэтиилэрбитин, Төгүрүк остуолларбытын күндүтүк саныыбын. Итиннэ барытыгар сүбэ-соргу, өйөбүл буолбут киһибит — кылаабынай редакторбыт Евдокия Иринцеева.
Суруллубут—суоруллубат. Бииргэ үлэлээбит дьонум алгыс тылларын суруйан, анаан бэлэхтээбит кинигэлэрэ—күндү, көмүс өйдөбүнньүктэр. “Күндү Жанна! Мин Эйигиттэн элбэҕи эрэнэ күүтэбин. Буоларга-буолбакка ыһыллыма, ай, үлэлээ. Тус олоҕуҥ дьоллоох-соргулаах буолуохтун. Бары үтүө баҕарыыларбын аныыбын. Ыга кууһабын”, — диэбит күндүтүк саныыр киһим, ытыктабыллаах Нина Иннокентьевна Протопопова. Аҕа дьонум алгыстара миигин мэлдьи арыаллыыр, кынаттыыр.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА,
“Кэскил” хаһыат 1992-1996 сс. эдэр кэрэспэдьиэнэ, СӨ Бэчээтин туйгуна, СӨ суруналыыстарын Сойууһун “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэлэрин 2018 с. лауреата, суруналыыстар “Уһун Дьурантаайы” айар куонкурустарын “Бастыҥ кэпсээччи” номинациятын 2020 с. кыайыылааҕа, “Саха-Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы фонд суруналыыстыкаҕа лауреата.