Муҥха — былыр былыргыттан күөл турдаҕына, сахалар муус аннынан балыктыыр төрүт ньымалара. Муҥхалааһын үксүн сэтинньигэ Байанай ыйыгар саҕаланар. Биһиги нэһилиэкпитигэр маҥнайгы муҥха сэтинньи 9 күнүгэр Уһун Күөлгэ тэрилиннэ. Ол онно ким баҕалаах кыра оҕоттон кырдьаҕаһыгар диэри сырыттылар. Оскуолабыт оҕолорун улахан аҥара муҥхалыы диэн айылҕаҕа тахсыбыта.
Сарсыарда 9 чааска нэһилиэк дьоно бары бииргэ кулууп дьиэтигэр мустубуппут. Кэлбит дьону, оҕолору барыларын кими да хаалларбакка тимир көлөлөргө батаран айан суолугар туруммуппут. Уонча массыынанан, сорохтор буранынан тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн, айылҕабытын аһатан, туттар тэриллэрбитин бэрийэн, нырыы маһын ылаттаан күөлгэ киирбиппит. Кыра, орто кылаас оҕолоро учууталларбытын уонна сорох улахан дьону кытта нырыылыыр эбээһинэстэммиппит.
Оттон эр дьон муҥханы түһэриигэ, соһууга, онтон улахан уолаттар ойбон алларыытыгар сылдьыбыттара. Бары биир киһи курдук тэҥҥэ үлэлээн, хамсанан, үлэ күөстүү оргуйбута. Ким да мээнэ хаама, күүлэйдии сылдьыбатаҕа. Онон муҥхаҕа саҥа кэлбит оҕолор муҥха диэн элбэх киһи биир сүбэнэн, бииргэ хамсанан балыктыыр ньымалара буоларын билбиттэрэ. Бу оҕолорго аналлаах муҥхаҕа Күөх далай иччитэ Күөх Боллох Тойон бэлэҕин – көмүс хатырыктааҕыттан дэлэччи бэрсибитэ. Балыктарбытын бары үллэстэн, үөрэн-көтөн көлөбүтүгэр илдьэн, ууран, итии чэй иһэн, өйүө минньигэс аһылыгы сиэн бүппүппүтүн кэннэ эр дьоҥҥо, уолаттарга аналлаах көрдөөх-нардаах күрэхтэһиилэр саҕаламмыттара.
Биһиги сибиэһэй салгыҥҥа бэртээхэйдик сылдьан кэлбиппит. Дьону кытта алтыһан, тэҥҥэ үлэлээн-хамсанан, көй салгыҥҥа дуоһуйа сынньанар эбиккин диэн хас биирдии оҕо өйдөөбүт буолуохтаах. Хас биирдии саха киһитэ олоҕор саатар биирдэ эмэ муҥхаҕа сылдьыахтаах диэн санааҕа кэллибит. Тоҕо диэтэххэ, муҥха диэн олус наадалаах сүрүн үгэспит эбит. Дьону түмэр, биир санааҕа аҕалар, айылҕалыын алтыһыннарар, төрүт иҥэмтэлээх аспытын – собону бэрсэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр оҕолорго аналлаах муҥханы тэрийбиттэрэ төрдүс сыла, сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбута олус үөрүүлээх.
Рийана Васильева, Аделина Львова,
IX кылаас үөрэнээччилэрэ,
Хаҕын орто оскуолата, Бүлүү