Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин саалатыгар СӨ суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Г.А.Бочкарева салайыытынан төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ «Уус Алдан улууһа» МТ баһылыга А.В.Федотов, Мүрү нэһилиэгин баһылыга.В.И.Аммосов, итиэннэ инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология
министиэристибэтин отделын салайааччыта С.П.Софронов, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара мустан, Саха бэчээтин күнүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан уонна быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ чэбдигирии сылынан биллэриллибитинэн сибээстээн, онно тирэҕирэн, 2022 сылга Уус Алдан улууһугар ыытыллыахтаах саха норуоттарын спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии хайдах баран эрэрин туһунан кэпсэттилэр, санаа атастастылар.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха бэчээтин күнэ ыытыллар буолбута иккис сыла. СӨ суруналыыстара туруорсан-туруорсан, Ил Дархан А.С.Николаев от ыйын 1 күнүгэр Саха бэчээтин күнэ буоларын бигэргэтэн, тус ыйааҕа тахсыбыта барыбытыгар сүрдээх үөрүүлээх этэ. Ол гынан баран, хамсык мэһэйдээн, бу түгэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэммэтэҕэ. Оттон быйыл санаабыт бөҕөх, от ыйыгар диэри бу ыарыы ааһан, Саха бэчээтин күнүн тэрээһиннээхтик бары бииргэ ыытыахпыт диэн эрэнэбин.
Россия үрдүнэн Бэчээт күнэ тохсунньу 13 күнүгэр буолар. Ити бэлиэ күн биһиги СӨ суруналыыстара Бэчээт күнүн бэлиэтээн кэллибит. “Атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрэ анал Бэчээт күннээхтэр, тоҕо биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэчээтин күнэ суоҕуй?” — диэн туруорсуубут силигэ ситэн, Саха бэчээтин күнэ баар буолбутунан, кэллиэгэлэрбин барыгытын эҕэрдэлиибин! Сүрдээх үчүгэй кэмҥэ – сайын, от ыйын 1 күнүгэр сахалыы тыллаах суруналыыстар муcтаммыт, көхтөөхтүк бэлиэтиэхпит, – диэтэ Г.А.Бочкарева.
Саха бэчээтин тула өрөспүүбүлүкэҕэ туох тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтарынан туһунан С.П.Софронов бу курдук иһитиннэрдэ:
– Бырайыак сүрүн тэрийээччилэринэн “Ситим” уонна “Сахамедиа” тэрилтэ таһаарар хаһыаттара буолаллар. “Саха сирэ” уонна “Кыым” хаһыат иккиэн — «Манчаары» хаһыат сыдьааннара. Онон суруналыыстар Саха бэчээтин күннэрин сырдатыыга бука бары кыттыһан туран тэҥҥэ үлэлиэхтээхпит уонна бу улахан тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытыахтахпыт. Медиа-былаан оҥоһуллан, сүрүн тэрээһиннэр олус элбэхтэр. Хамыыһыйа көрбүтэ. Салгыы СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников бигэргэттэҕинэ, былааны киэҥник сырдатыахпыт. Барыллаан эттэххэ, маннык тэрээһиннэр буолуохтара:
— Намнааҕы Саха судаарыстыбаннаһын мусуойугар бэтэрээн суруналыыстар десаннара.
— И.Барахов дойдутугар, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар, суруналыыстар десаннара.
— Медиа-кииҥҥэ хаартысканан улахан быыстапка.
— От ыйыгар оттооһуҥҥа “Күүлэй-2021” күрэх.
— Үс Хатыҥ сиригэр саха бэчээтин ыһыаҕа.
— “Манчаары”-“Кыым”-“Саха сирэ”. Ситим быстыбат” диэн кинигэ презентацията.
— Национальнай бэчээккэ сыһыаннаах норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференция.
— “Саха” НКИХ документальнай киинэ бэлэмниэхтээх.
— Ахсынньы ыйга үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр улахан мунньах былааннанар.
Ити сүрүн улахан тэрээһиннэри эттим. Оттон бэйэбит испитигэр күннээҕинэн сонуннары сырдатыы, быыстапкалары, куонкурустары тэрийии, биллэн турар, умнууга хаалбат.
Биллиилээх спортивнай суруналыыс Иван Ушницкай С.П.Софроновка туһаайан бу курдук ыйытта: Кумааҕы бэчээтигэр үлэлии сылдьар суруналыыстар ханнык эмэ түгэҥҥэ хаһыаппытын, сурунаалбытын цифровой эйгэҕэ көһөрөн кэбиһиэхтэрэ диэн сүрдээҕин сэрэхэчийэбит. Ити боппуруос инники кэскилэ хайдаҕый?
С.П.Софронов: Бары билэргит курдук, сайдыы тэтимэ түргэнник уларыйан баран иһэр. Ону туох да тохтоппот. Биһиги министиэристибэбитигэр бигэ соруктаахпыт: кумааҕы хаһыат, сурунаал хайаан да баар буолуохтаах! Көрөҕүт дии, бибилэтиэкэлэргэ хас эмэ сыллааҕы хаһыаттар саһаран харалла сыталларын. Ону ылан күн бүгүҥҥэ диэри ааҕабыт, туһанабыт. Ол буолар — кумааҕы бэчээтин сыаннаһа! Кумааҕыга бэчээттэммити киһи тутан ааҕара истэргинээҕэр быдан тиийимтиэ. Ол гынан баран сайдыы аата сайдыы, икки хайысха тэҥҥэ тутуллуохтаах, цифровизация диэн баар буолуохтаах. Бары кумааҕы хаһыаттара, сурунааллара сайттаах буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэргин, аныгы көлүөнэ дьон бары Интернеккэ олорор. Онон хаһыаты атыылаһан аахпатахтарына, кинилэр сайтка тахсыбыт матырыйаалы ааҕан билсиэхтэрин сөп. Ол иһин икки хайысханы тэҥҥэ тутан, сайдыахтаахпыт диэн политика олохтонор.
– Суруналыыстар хамнаспыт сүрдээх кыра. Итиннэ туох үлэ ыытылларый?
Г.А.Бочкарева: Биһиги СР суруналыыстарын Сойууһа уопсастыбаннай тэрилтэ буоларбыт быһыытынан, куруутун ити боппуруоһу бырабыыталыстыбаҕа туруорсабыт, көтөҕөбүт. Сурук кэлэр да, эппиэт чопчу суох, аһаҕас турар. Кырдьык, биһиги суруналыыстар хамнаспыт сүрдээх кыра. Ол иһин тыйыс усулуобуйалаах хоту улуустарга кыра хамнаска ким да үлэлии барыан баҕарбат. Билигин хас да сиргэ миэстэ аһаҕас турар. Бары билэбит, суруналыыс идэлээх доҕотторбут хамнас кыратыттан атын эйгэҕэ көһөн эрэллэр: пресс-сулууспаларга, мусуойдарга, ону таһынан оскуолаҕа төннүү баар. Бу кыһалҕаттан буоларын өйдүөх эрэ тустаахпыт.
Ити курдук бастакы боппуруос төгүрүк остуолга көрүллэн, түмүктэнэн, кэпсэтиибит иккис ыйытыгар киирдибит.
“Уус Алдан улууһа” МТ баһылыга А.В.Федотов:
– Күндү кэллиэгэлэрим, бастатан туран, ааспыт өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлиибин. Биһиги улууспутугар VIII саха норуоттарын спортивнай оонньуулара кэлэр 2022 сылга улуус киинигэр Бороҕоҥҥо ыытыллара былааннанан, үлэ тэрээһинээхтик бара турар. Дьон хараҕар быраҕыллар үлэлэр, дьэ, саҕаланнылар. Быйылгы сылга 17 тутуу бара турар. Аҕыйах хонуктааҕыта 450 миэстэлээх Мүрүтээҕи 2 №-дээх оскуола сыбаайата түстэ, улууска 3 улахан спортивнай объект, Суоттуга 220 миэстэлээх оскуола, Бороҕоҥҥо 75 миэстэлээх “Кэскил” оҕо уһуйаана уонна монолитнай-каркаснай таас матырыйаалтан В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатын сүгэр культурнай киини тутуу үгэнэ бара турар. Былаан быһыытынан быйыл көҥдөйө олоччу бүтэн, толору хааччыллыы киириэхтээх. Саҥа объект көрөр саалатыгар 262 уонна 8 доруобуйаларын туругунан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт миэстэлэр баар буолуохтара. Оонньуулар чэрчилэринэн Бороҕон урукку стадионун оннугар, саҥа 1000 киһи батар стадиона тутуллан саҕаланыа, 3000 көһө сылдьар миэстэ оҥоһуллуо. Бу иннинэ биэс сыл курдук бастаан оонньууну ылыы, инфраструктура сайдыытын кумааҕыларын бэлэмнээһин үлэтэ барбыта. Былаан быһыытынан, Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан киин тэрээһин буоларын быһыытынан, сүрдээх элбэх ыалдьыт улууспутугар кэлэрин күүтэбит. Спортсменнары, ыалдьыттары ааҕан туран, быһа холоон 10 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьыа диэн былааннанабыт. Мүрү алааска киириигэ икки өттүнэн көрөр улахан былаһааккалар эрэ буолбакка, Тойон Мүрү уобараһа баар буолуон баҕарабын. Аал Луук маһы саҥардан, аттыгар Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга туруохтааҕын көрөбүн. Былыр-былыргыттан Уус Алдаҥҥа сирин-уотун көмүскүүр кыахтаах, күүстээх дьоннор бааллара биллэр. Саха норуота баарыттан манна дьон-сэргэ олорор төрүт үгэстэрин, култууратын, тылын-өһүн ытыгылыыр суолтатын Аал Луук мас уобараһа көрдөрүөҕэ, оттон ортотугар киирдэххэ, геройдарбыт аллеялара – Күлүмнүүр аатынан культура киинэ, Сэһэн Ардьакыап аатынан мусуойбут, Николай Тарскай аатынан спортивнай комплекс, Лөгөй болуоссата оҥоһуллан, Бороҕон нэһилиэгин киэргэтиэҕэ. Биһиги 4 хайысханан хайдыһан үлэлии олоробут. Бу хайысхалар эппиэтинэһи сүгэр салайааччылардаахтар. Онон далааһыннаах үлэ көнө суолугар киирдибит. Оонньууларга диэри оруобуна биир сыл хаалла. Төһө да хамсык ыарыыта турдар, мэһэйдэр баалларын да үрдүнэн санаабыт бөҕөх.
Суруналыыс Петр Павлов: Оонньуулар ыытыллаллара биир эрэ сыл хаалла. Миэстэтигэр сырдатыы үлэтин тэрийиигэ сибээс, интернет балаһыанньата хайдаҕый?
А.В. Федотов: «Өркөн» оҕо киинигэр пресс-киин тэриллэн үлэлиэхтээх. Миэстэтигэр пресс-конференциялар ыытыллыахтаахтар, хосторунан суруналыыстар хайдыһан, оонньуулар сонуннарын сырдата, кэпсии олоруохтаахтар. Суруналыыстар түһэр, аһыыр сирдэрин эмиэ ити эҥэр былаанныыбыт. Интернет улуус киниигэр кэлбитэ номнуо 5-с сылыгар барда. Биир бастакынан IT-киин тэриллэн үлэлии олорор. Улууска 33 бөһүөлэк баар, онтон 7-тигэр Интернет ситимэ суох. Ол гынан баран 6 бөһүөлэк быйылгы сылга былаан быһыытынан Интернет ситимигэр холбонуохтаах. Сэттис бөһүөлэк – Түүлээх, онно үлэ эмиэ ыытыллыахтаах. Тустаах министиэристибэни кытта кэпсэтии үлэтэ барбыта. Оонньуулар кэмнэригэр Интернет ситимигэр түргэнник тахсар миэстэлэр туочукуларын быһаарыахтаахпыт, каналлары элбэтиини киллэрэн күүһүрдүү үлэтин ыытыахтаахпыт.
В.И.Аммосов: Историяны сэгэтэр буоллахха, 1996 сыллаахха бастакы спортивнай оонньуулар Тойон Мүрү туонатыгар ыытыллыбыта. Ол кэмтэн оруобуна 25 сыл ааһа охсубут. Ол кэннэ улахан тэрээһининэн 2009 с. Олоҥхо ыһыаҕын ыытан турабыт. Эһиил Бороҕоҥҥо ыытыллыахтаах саха норуоттарын спортивнай оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэттэн эрэ буолбакка, хамсык ыарыыта хаптайдаҕына тас дойдулартан ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр. Онон сүрдээх эппиэтинэскэ олоробут.
Бороҕон нэһилиэгэр тутууну таһынан ыраастааһын, көҕөрдүү үлэлэрэ, дьон хаамар тротуарын, сынньанар сирдэрин саҥардыы, уулуссалары сырдатыы, суолу-ииһи тупсарыы үлэлэрэ эмиэ күүскэ ыытылла тураллар.
Федеральнай трасса биһигинэн ааспат буолан, биир сүрүн кыһалҕабытынан дьону түһэрии, олохтооһун буолар. Билиҥҥи туругунан Бороҕоҥҥо 10 эрэ миэстэлээх биир соҕотох гостиница баар. Ити боппуруоска улуус дьаһалтатын кытта кэпсэтиини ыытан, олохтоох нэһилиэнньэни кытта үлэни ыыта сылдьабыт. Этэҥҥэ барыта табыллан, спортивнай оонньуулар тэрээһиннээхтик ыытыллыахтара диэн эрэли кытта салгыы үлэлиибит.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр тэрээһиннэргэ дьон сылдьыытыгар хааччахтааһыннаах буолан, төгүрүк остуол аҕыйах киһилээх икки чаас устатын тухары Медиа-киинтэн СИА сайтыгар быһа холбонон барбыта олус үчүгэй. Сахалыы тыллаах суруналыыстар мустубут буоламмыт, бу тэрээһин төрүт тылбытынан сахалыы саҥарыллан бэркэ ааста. Бары өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн тэрээһини үйэтиттибит.
Ааптар: Мария Захарова.