Аҕам саастаах дьон түөһэйэрэ сир үрдүнэн элбии турар. Бу ыарыы – мэйии улам мөлтөөһүнэ. Киһи бэйэтин сатаан дьаһаммат, күнү-дьылы араарбат буолар. Түөһэйии, хомойуох иһин, эмтэммэт. Арай бэргиирин бытаардыахха сөп.
Түөһэйиини бытаардар ньымалар:
Эбэлээх эһэҕин кытта элбэхтэ кэпсэт
Кырдьаҕастар туохтааҕар да ордук эдэр саастарын, үлэлии сылдьыбыт кэмнэрин саныылларын сөбүлүүллэр. Эргэ хаартыскалары тутан олорон, доҕотторун, үөлээннээхтэрин, аймахтарын туһунан ыйыталас (Бу кимий? Хаһан түспүккүтүй? Ханна сылдьаҕытый?). Кырдьаҕас киһи олоҕун көрүдьүөс түгэннэрин ахтан-санаан ааһын.
Остуол оонньууларын оонньооҥ
Саахымат, дуомат, лото, хабылык, хаамыска быраабылаларын үөрэтиҥ. Хайаан да кырдьаҕас киһи кыайыахтаах. Хоттордоҕуна, оонньууга интэриэһэ сүтүөн эмиэ сөп.
Мозаиканы таҥын
Орто кээмэйдээх пазлы ылан, биир эмит күҥҥүтүн онно анаан. Онньуу кэмигэр саҥата суох олорумаҥ, кэпсэтиҥ, быһаарсын.
Үөрэххэр бэриллибит сорудаҕы толоруҥ
Оскуолаҕа хоһоон үөрэтэ биэрбиттэрин, эбэлээх эһэҕиҥ кытта аах. Көмөтө көрдөө, төһө сөпкө өйгөр туппуккун көрдөр. Кинилэртэн эмиэ ыйыталас.
Сонуҥҥутунан үллэстиҥ
Аахпыт хаһыаккытын, кинигэҕитин, көрбүт киинэҕитин ырытыһыҥ.
Түөһэйбит киһи сыыһа саҥарбытын көннөрүмэ, мөккүһүмэ. Киниэхэ чахчыта, толкуйа отой атын. Ону уларыта сатаан, булкуйаҕын, хомотоҕун эрэ.
Хаартыскаларга «Мед в голове» киинэттэн быһа тардыылар.