Балаҕан ыйын 19 күнүгэр А.С.Шахурдин аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Төҥүлү орто оскуолатыгар «Чистые игры» диэн ааттаах бүтүн Россиятааҕы бырайыак чэрчитинэн, Төҥүлү орто оскуолатын улахан кылаас оҕолоругар анаан Естественный наука холбоһуктарын учууталлара, оскуола иһинэн оонньуу маҥнайгы холонуутун ыыттылар. Хайа баҕарар оҕо, оннооҕор улахан дьон, үлүһүйэн туран оонньуохтарын сөп эбит.
Бүгүҥҥү оонньуу бырайыак уопсай быраабылатыттан улахан уратыта суох. Манна оҕолор икки чаас иһигэр бөх араас көрүҥнэрин хомуйан аҕалан туттараллар, сыаналаах малы буллахтарына скупщикка «атыылааннар», биктэриинэҕэ кыттан, эбии баал хомуйсаллар. Оонньуу түмүгэр элбэх бааллаах хамаанда бастыыр уонна «Кубок чистоты» ыларга тиксэр.
Туһалаах оонньуубут сайда турдун! Аны саас оонньуубутун өссө тупсаран, сайыннаран, элбэх дьону кытыннаран, олорор сирбит ырааһырарын, салгыммыт чэлгийэрин туһугар «Чистые игры» курэхпитин өссө да ыыта туруохпут.
Естественный наука холбоһуктарын учууталлара:
Любовь Александровна Борисова
Любовь Александровна Баишева
Надежда Петровна Слепцова
Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас