Тыа саҕатыгар куобахчааннар дьиэ кэргэннэрэ үүтээн туттан, тэлгэһэ тэринэн олорбуттара үһү.
Биир сайын күрүөлэрин иһигэр дьээбэ сыыс от үүммүт. Ача от быыһыгар көстүбэтин иһин бастаан билбэтэхтэр. Үүтээн кэтэҕэр саһа тахсыбыт сыыс от сотору соҕус оҕуруокка кутар ууларын оборон ылан, ыт саҕа улааппыт.
Куобахчааннар үүннэрбит моркуоптара иинэн-хатан барбытын бэлиэтии көрбүттэр. Онтон, аны, тыалга суугунуу хамсыыр мастарын күөх сэбирдэҕэ сай ортото саһаран киирэн барбыт. Ол тухары сыыс от улааттар улаатан, киэптээн, оҕус саҕа буолбут.
Куобахчааннар кэлэ-кэлэ уруккута суугунуу хамсыыр мастарын аттыгар кэлэн турбуттар, моркуоптарын бигээн көрбүттэр.
Арай, биир сарсыарда, түннүктэринэн күн сырдыга киирэр бэйэтэ — ол да мэлийбит. Таһырдьа тахсаары гыммыттара ааннара сатаан аһыллыбат үһү. Бай! Кыра куобах үөлэһинэн тахсан көрбүтэ, доҕоор, моркуоптарыттан моркуоп ордубатах, мастарыттан мас хаалбатах. Күрүөлэрин иһэ киэҥ халлаан көстүбэт гына сыыс отунан саба үүнэн тахсыбыт эбит.
Онуоха куобахчааннар сүбэлэһэн, толкуй тобулан, сыыс оту уодьуганныыр сибэккитэ үүннэриэххэ диэбиттэр. Ол сибэкки көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх эбит уонна дьикти сыттааҕа үһү.
Куобахчааннар түүннэри-күнүстэри сибэкки бүөбэйдиир түбүккэ түспүттэр.
Дьэ, сыыс от ол сыты ылаат да, кууран-хатан, хара буор диэки курулуу турбута үһү. Онтон ыла куобахчааннар күрүөлэрин иһин-таһын, үүтээн кэтэҕин үчүгэйдик көрөр-истэр, харайар буолбуттар.
Ааптар: Василина Попова
Худуоһунньук: Анна Иванова