Саха тылын, литературатын уонна култууратын 2-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин чэрчитинэн «Сыыппара үөрэҕин иитэр-үөрэтэр кэскилэ» түһүлгэ төрөөбүт тылы уонна литератураны, култуураны үөрэтиигэ сыыппара кыаҕын туһаныы ньымаларын тарҕатыы, сахалыы эйгэни түстүүр тэрилтэлэр уопуттарын үллэстии, тылбаас уонна саха медиа-эйгэ ситимин үлэтин киэҥ араҥаҕа сырдатыы сыаллаах-соруктаах үлэлээтэ.
Түһүлгэ тэрийээччилэринэн Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата уонна СӨ саҥа технологиялар үнүстүтүүтэ буоллулар.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата оҕолорго аналлаах биэс таһаарыылаах. Оҕо-аймах тапталлаах хаһыата “Кэскил”, аны хаһыат бу сыл саҥатыттан “Бэлэм буол” диэн ыйга биирдэ тахсар номнуо оҕолор болҕомтолорун тарпыт сурунаал таһаарар. Кыра саастаах оҕолорго аналлаах “Чуораанчык” сурунаал, маны таһынан нууччалыы тылынан тахсар “Колокольчик+” уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар тахсар “Юность Севера: arctic ideas” сурунааллар.
2019 сыл кулун тутар ыйыттан оҕо бэчээтин кыһатыгар сыыппара трансформацията саҕаламмыта. Саҥа сыыппара технологияларын киллэрэн, биһиги сурутуубут ахсаанын 4 төгүл улаатыннаран турабыт. Ол курдук, билигин хас биирдии сурунаал, хас биирдии таһаарыыбыт медиа-микс форматынан тахсар, ол аата анал бырагыраама нөҥүө оҕо хартыыналары, уруһуйдары тилиннэрэн көрөр буолла, ону тэҥэ таһаарыыларга QR-код киирэн, оҕолор араас видеолары көрөр буоллулар. Онон бэчээт видео/аудио контены кытары бииргэ дьүөрэлэһэр буолла. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ оҕолорун, учууталларын, төрөппүттэри биир куйаар былаһааккатыгар сомоҕолуур keskil14.ru ситим таһаарыылаах. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата методическай сулууспаны сүрүннээн тэрийэн үлэлэтэр уонна иитии, үөрэхтээһин эйгэтигэр учууталларга, иитээччилэргэ туһуламмыт үөрэх бырагырааматыгар көмөлөһөр посуобуйалары таһаарар. Бу туһунан ситим таһаарыыларын эппиэттиир сэкирэтээрэ, түһүлгэ модератора Анна Слепцова кэпсээтэ.
Бу сылтан «Колокольчик+» уонна «Юность Севера: arctic ideas» сурунаалларбыт сыл иккис аҥаарыгар Россия сурутуутун каталогар киирдилэр. Маны таһынан “Юность Севера: arctic ideas” РИНЦ (Российскай индекс научного цитирования) бигэргэниитин ылла. Ол аата оҕо научнай бырайыага научнай бэчээттэммит үлэнэн ааҕыллар буолла. Ол туһунан cурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Екатерина Винокурова сиһилии кэпсээтэ.
Сыыппара сайдыытын салаатын эрэдээктэрэ Ульяна Павлова бу сотору кэминэн сүрэхтэниэхтээх «Саас» диэн патриотическай ньыманан оҕону иитэр-үөрэтэр киэҥ араҥаны ситимниир тиһиги билиһиннэрдэ, учууталлары бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Бырайыакка номнуо өрөспүүбүлүкэ 40 оскуолатыгар медиакииннэр арылланнар, бу дьыл балаҕан ыйыттан бииргэ үлэлэһэ сылдьаллар.
«Сыыппара үөрэҕин иитэр-үөрэтэр кэскилэ» түһүлгэтигэр барыта 19 дакылаатчык кыттыыны ылла. Ол курдук, Таатта улууһуттан Алампа аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Им («Төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни үөрэтиигэ сыыппара эйгэтин туттуу»), Бүлүү улууһуттан А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Матрена Федорова («Сыыппараны саха тылын, литэрэтиирэтин уруоктарыгар туһаныы»), Сунтаар улууһуттан И.С. Иванов аатынан Сунтаар 2 №-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Сардаана Афанасьева («Ааҕыы уруогар сыыппара технологияларын туһаныы ньымалара»), Амма улууһуттан П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала Сааскылаана Павлова («»Тыл баайа» оҕолорго аналлаах ютуб-ханаал») уонна Л.В. Киренскай аатынан Амматааҕы лиссиэйин саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала Мария Ноговицына («»Кулун Куллустуур» мультимедийнэй кинигэ»), Чурапчы улууһуттан Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Сахаяна Адамова («Дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ туттуллар онлайн-платформалар»), Горнай улууһуттан С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала Саргылана Тимофеева («Саха литературатын уруогар ойуу тылдьыты туттуу»), алын кылаас учууталлара Альбертина Потапова, Мария Дьяконова, Инга Константинова, Мария Пахомова, Алена Никифорова («Саха тылын уонна ааҕыы уруоктарыгар сыһыарыылары табыгастаахтык туттуу»), Нам улууһуттан Нам 2 №-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учууталлара — Татьяна Сивцева («Сыыппара инструменнарын саха тылын уонна литературатын уруоктрарыгар туһаныы»), Нарыйа Олесова («Эдэр педагог идэтин аартыга»), Мэҥэ-Хаҥаластан Павловскай орто оскуолатын саха тылын, литературатын уонна национальнай култуура учуутала Любовь Федорова («5 кылааска саха тылын уруогар сыыппара үөрэҕин араастарын туһаныы») кэтэхтэн кытынна, Ньурба улууһуттан Хаҥалас орто оскуолатын саха тылын, литературатын бастакы категориялаах учуутала Агафья Бочкарева («Саха тылын кэскилэ — сыыппара үөрэҕэр»), Дьокуускай куорат оскуолаларыттан Ф.К. Попов аатынан 20 №-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Марианна Федорова уонна Марха 1 №-дээх орто оскуолатын учуутала Лена Шишигина («Сахалыы» мобильнай сыһыарыы), «Айыы кыһата» национальнай гимназия саха тылын, литературатын учуутала Светлана Липатова («Умсугутуулаах ааҕыыга уһуйуу») төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтиигэ сыыппара эйгэтин туттар ньымаларын, уруоктарга туһанар табыгастаах сыһыарыыларын, ыыппыт бырайыактарын, үлэлэрин туһунан сырдаттылар, туһанар матырыйаалларын билиһиннэрдилэр.
Холобур, Нам 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын учуутала Нарыйа Олесова «Эдэр педагог айанын аартыга» диэн эдэр учууталга туһуламмыт «дорожнай каартаны» билиһиннэрдэ уонна бэйэтэ оҥорон таһаарбыт QR-кодтаах Учуутал халандаарын көрдөрөн мустубут дьон болҕомтототун тарта.
Эмиэ биир кэскиллээх, эдэр педагог Сардаана Афанасьева, Сунтаар 2 №-дээх орто оскуолатын учуутала, ааҕыы уруогар сыыппара технологияларын туһанан оҕону саха айымньыларын ааҕарга көҕүлүүрүн туһунан билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, оҕо айымньыны уруһуй, тыыннаах (анимационнай) хартыына нөҥүө түргэнник ылынарын чопчу эттэ.
«Айыы кыһата» национальнай гимназиятын учуутала Светлана Липатова Дьокуускай куорат биллэр-көстөр хаартыскаҕа түһэрээччилэрин кытары үлэлэспит бырайыагын туһунан билиһиннэрдэ.
«Умсугутуулаах ааҕыыга уһуйуу» хаартыска бырайыагар үөрэнээччилэр төрөппүттэрин, учууталларын кытары бары бииргэ кыттыбыттарын эттэ. Бырайыак үгүс дьон биһирэбилин уонна төрөппүттэр махталларын ылбытын туһунан иһитиннэрдэ.
Түмүккэ сыыппара түһүлгэтин кыттыылаахтара сийиэс резолюциятыгар кэккэ этиилэрин киллэрдилэр: уһуйааҥҥа саха тылын үөрэтэр чааһын киллэрии, кыра саастаах оҕолорго аналлаах методикалары тобулуу, электроннай посуобуйа элбииригэр, ону тарҕатарга бииргэ үлэлэһии, дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуурдарга болҕомто ууруу, манна анал методическай посуобуйа тахсарыгар үнүстүтүүт үлэлэһиитэ.
“Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата сийиэс резолюциятыгар икки этиини киллэрдэ: бастакытынан, оҕо бэчээтин кыһатын кытары бииргэ үлэлэһэр С.Н. Донской-II аатынан Үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтэр үнүстүтүүт уонна СӨ саҥа технологияларын үнүстүтүүтэ сотору кэминэн киэҥ араҥаҕа тарҕаныахтаах «Саас» ситим тиһигэр бонуснай бырагырааматыгар методическэй мэктиэ сүбэлэри бииргэ оҥорооһуна уонна саха тылын, литературатын предметтэригэр бу тиһиккэ бэриллэр бонус баалын икки төгүл үрдэтии; иккиһинэн, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата СӨ саҥа технологиялар үнүстүтүүтүн кытары саха тылын, литературатын предметтэригэр үөрэх контенын эрэгийиэннээҕи компоненын бэлэмнээһиҥҥэ педагогтары кытары «дорожнай каартаны» оҥоруу.
Өссө биири бэлиэтээн аһардыахпыт этэ, аны түһүлгэбит үлэтин бириэмэтигэр, техническэй биричиинэнэн уот баран хаалбыта, кэлбит педагогтары атахтаабата, иһитиннэрээччилэр уолуйбакка, холкутук кэпсиэхтээх тиэмэлэрин кэпсээн, тиэрдиэхтээх санааларын этэн барбыттара хайҕаллаах.
Хас биирдии дакылаатчыкка СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ И.П. Любимова илии баттааһыннах Туоһу сурук туттарылынна.
Ийэ тылбыт сүппэт-симэлийбэт дьылҕаланарын, саха оҕото сахалыы саҥарарын, кэнэҕэски ыччат төрөөбүт тылынан көҥүллүк саҥарарын туһугар үтүө сиэргэ-майгыга уһуйа сылдьар учууталларбытыгар махтанабыт уонна айымньылаах үлэҕитигэр үрдүктүн-үрдүк ситиһиилэри баҕара хаалабыт.
keskil14.ru