Олунньу 20 күнүгэр төрөөбүт тыл декадатын уонна «Тыыннаах тыл» бырайыак чэрчитинэн «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ» бэстибээл буолла. Дьокуускай куорат оскуолаларын саха кылааһын оҕолоро тоҕуоруһа мустан, «Сырдыкка угуйар Учуутал барахсан» уус-уран ааҕыыга, «Төрөөбүт тыл» оонньуу-күрэххэ, «Учуутал, үрдүк ааккар сүгүрүйэн» аман өскө күөн көрүстүлэр.
Дьокуускай куорат оскуолаларын 10 кылааһын үөрэнээччилэригэр “Учуутал, үрдүк ааккар сүгүрүйэн» аман өс күрэҕэ буолан ааста. Уопсайа түөртүү киһилээх 9 хамаанда күөн көрүстэ. Ол курдук Айыы кыһата, Саха гимназията, национальнай гимназия, Тулагы, Хатас оскуолалара, Саха политехническай лиссиэй, Дьокуускай куорат 1, 2, 12 нүөмэрдээх орто оскуолалара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕолор бары да сахалыы бэрт хомоҕойдук саҥаралларын, санааларын сатаан сааһылаан этэллэрин, толкуйдара тобуллаһаҕын дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээтэ итиэннэ маннык түмүк таһаарда:
1 миэстэ — Саха гимназията,
2 миэстэ — Айыы кыһата,
3 миэстэ — СПЛ.
Маны таһынан ордук хомоҕой тыллаах кыттааччыларга бу курдук анал ааттар иҥэрилиннилэр:
«Тобуллаҕас толкуй» аат — Петров Максим, национальнай гимназия,
«Ыллыктаах ырытыы» аат — Чехордун Эрхан, 1 нүөмэрдээх орто оскуола,
«Уран тыл» — Федоров Арылхан, Тулагы орто оскуолата.
Оҕолорбут уу сахалыы саҥара сатыылларыттан олус астынныбыт. Өссө да ыытыллыахтаах дебат күрэхтэригэр бары оскуолалар көхтөөх кыттыыны ылыаххайыҥ.
“Төрөөбүт тыл” оонньуу — күрэххэ барыта 10 оскуола кыттыыны ылла. СОШ#24 » Тигээйилэр», ЯГНГ «Сырдык «, СПЛ «Сайсары», СОШ-38, СОШ-26 «Доҕордуулар», СОШ-12, СОШ-1″Үрдэл», СОШ Тулагы, СОШ Хатас, Саха гимназия.
Оҕолор ис сүрэхтэн долгуйан туран оонньоотулар, хамаанданан сатаан салайынан оонньуур дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Бары оскуола дьоһуннук бэлиэтэннэ. Сырдык күммүт тыктын диэн санаанан оонньуу-күрэх түмүктэннэ.
“Сырдыкка угуйар учуутал барахсан…” куораттааҕы уус-уран ааҕыыга барыта 40-ча сайаапка киирэн, күрэхтэһиибит бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Дьүүллүүр сүбэ тыл этээччилэр туттан – хаптан туралларын, тыл этии тэтимин, куолас эгэлгэтэтин, киэҥ эйгэҕэ саҥарар үөрүйэхтэрин учуоттаатылар
Биирдиилээн ааҕыыга 10 оскуолаттан 20 оҕо кытынна.
1 миэстэ — уһулуччу таһымнаах Кондратьева-Львова Туйгууна, 8 б кыл.СПЛ
2 миэстэ — Борисова Сайыына 10 кыл. 38-с оскуола
3 миэстэ — Таркова Анжелика 6е кыл. 26 оскуола
Анал аат хаһаайыттарынан буоллулар:
Новикова Сайыына 5 в кыл. 12 оск.
Иванов Сарыал- 5 б, Саха гимназията
Прокопьева Диана-5е, 26 оск.
Соломахо Дарьяна -5 в, 25 оск.
Герасимова Алгыстаана-6г, НПСОШ 2
Иванов Саян — 7г, 24 оск.
Катанов Захар — 8а, 38 оск.
Торговкина Таня — 8 г, 24 оск.
Попов Гаврил — 8 б, СПЛ.
Бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыыга орто сүһүөххэ 14, үрдүкү сүһүөххэ 4 сайаапка киирэн, бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Үрдүкү сүһүөх үөрэнээччилэригэр дьүүллүүр сүбэ маннык түмүк таһаарда:
1 миэстэ — Тулагы орто оскуолатын, 10а кылаас;
2 миэстэ — 12 оскуола, 11б кылаас;
3 миэстэ — 1 оскуола, 10б кылаас.
Орто бөлөх сүһүөххэ:
1 миэстэ — 2 оскуола, 6а кылаас;
2 миэстэ — 23 оскуола, 6 кылаас;
2 миэстэ — Айыы кыһата, 8в кылаас;
2 миэстэ — Саха гимназия, “Сайдыына”;
3 миэстэ — 12 оскуола, 7в кылаас;
3 миэстэ – СПЛ, 8в кылаас;
3 миэстэ — 26 оскуола, 5е кылаас;
«Добун дорҕоон» анал аатынан 25 оскуола 6в кылааһын үөрэнээччилэрэ наҕараадаланнылар.
Бары кыттааччыларга, оҕолорго, учууталларга эҕэрдэ бастыҥа!
Төрөөбүт тылбыт сайда, чэчирии турдун! Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!
«Алгыстаах сахам тыла» ассоциация