Алдан нэһилиэгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай академическай драматическай тыйаатырын гастрольнай биригээдэтэ ыалдьыттаан, олохтоохтору сэргэхситэн барда. Талааннаах артыыстар Домна Уйгурова, Елизавета Потапова, Надежда Ушницкая, Ирина Никифорова, Кирилл Семёнов, Михаил Апросимов, Иннокентий Луковцев, Иван Попов испэктээктэргэ итэҕэтиилээхтик оонньооннор, биһигини долгуттулар.
«Ааттаах поэт Арбита» драмаҕа Валентин Макаров Арбитаны оонньуурун көрөн сөхтүм. Уобараһын наһаа да үчүгэйдик арыйда. Поэт илэ бэйэтинэн сылдьарын курдук санаан ыллым… Николай Протасов, Петр Садовников, Валентин Макаров, Гаврил Менкяров, Дмитрий Алексеев, Александр Борисов итиччэ уһун үтүмэннээх хоһоону хайдах өйдөрүгэр барытын тута сылдьаллара буолла?! Бары оруолларыгар бэркэ киирэллэр. Геройдарын санаатын, үөрүүтүн, хомолтотун, уйулҕатын туругун — барытын көрөөччүгэ чугастык тириэрдэллэр.
Иккис күн оскуола оҕолорун кытта көрсүһүү буолла. Сүгүрүйэр артыыстарбытын кытта кэпсэттибит, ыйытыктарга эппиэттээтилэр. Кинилэр сүбэлэрэ оҕолорго, чуолаан артыыс буолуон баҕалаахтарга, туһалаах буолара чахчы.
Мин бу көрсүһүү кэмигэр Елизавета Федотовна Потаповаттан интервью ыллым. Кини 1980 сыллаахха Москватааҕы Щепкин аатынан театральнай училищеҕа үөрэнэ киирбит. Ийэтэ, аҕата артыыстар буолан, кыра эрдэҕиттэн тыйаатыр эйгэтигэр улааппыт. Ыра санаатын толорон, сыалын ситиһэн, билигин Саха тыйаатырыгар үлэлиир.
Аан бастаан Ньурба тыйаатырыгар «Сайсары» испэктээккэ Ньургу оруолун толорбут. “Билиҥҥи уонна урукку көрөөччү туох уратылааҕый?” диэн ыйытыыбар маннык хоруйдаабыта: «Билиҥҥи көрөөччү уратыта диэн, эдэр дьон аҕыйахтык тыйаатырга сылдьар, үксүн саастаах дьон кэлэн көрөр. Билиҥҥи киһиэхэ информация наһаа элбэх, барытын Интернет ситимиттэн ылан олорор. Оттон урукку көрөөччүлэр испэктээги көтүппэккэ буола сатыыллара. Тоҕо диэтэххэ, информация аҕыйаҕа уонна кэнсиэр, испэктээк биирдэ эмэ буолара».
Иккис киэһэ Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм» романынан испэктээкил буолла. Бу туруорууну олус сөбүлээтим. Биһиги аахпыт айымньыбыт буолан, тэҥнээн көрөргө интэриэһинэйэ.
Бу киэһэ Домна Уйгурованы уонна Ирина Никифорованы кытта кэпсэттим.
1969 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ Щепкин училищетын тутар хамыыһыйата оҕолору тала кэлбит. Онно Домна Уйгурова туттарсан боруобаламмыт уонна киирбит. Бастаан төһө да ыарахан буоллар, киһи бэйэтигэр эрэллээх буоллаҕына, баҕа санаата туолар эбит.
Оттон Ирина Никифорова — сыанаҕа эрэ буолбакка, киинэлэргэ, сериалларга уһуллубут ураты суоллаах артыыс. Японияҕа, Турцияҕа, Францияҕа, Германияҕа фестивалларга кыттыбыт. Шекспир «Король Лир» трагедиятыгар Корделия, “Лоокуут уонна Ньургуһуҥҥа” Ньургуһуну оонньообут. Биирдэ биир испэктээккэ түөрт киһи оруолун толорон турардаах эбит: кыыс, кэргэн, ырыаһыт, быраас. Ыллыырын, хоһоон ааҕарын, үнкүүлүүрүн, уруһуйдуурун сөбүлүүр.
Талааннаах дьоннуун алтыһан ылбыппыттан наһаа үөрэбин. Биһиги дэриэбинэбитигэр кэлэн сырдык уот буолбуттарыгар, тыйаатыр искусствотын билиһиннэрбиттэригэр махтанабыт.
Колодезникова Аэлита,
Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын
XI кылааһын үөрэнээччитэ.