Ааспыт сыл сэтинньититтэн «Төрөөбүт тыл умсулҕана» диэн айар куттаах хоһоону, кэпсээни суруйар оҕолорго аналлаах өрөспүбүлүкэтээҕи куонкурус буолан ааспыта. Куонкуруһу тэрийээччинэн Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо, бухгаалтыр идэлээх Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова буолар. Бу куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан айар умсулҕаҥҥа ылларбыт оҕолор кыттыбыт буолан, кини оҕолору өйөөн, «Сырдык сыдьаайа» диэн литературнай түмсүүнү тэрийдэ. Бу туһунан Раиса Николаевна кэпсиир.
— Мин бэйэм хоһоону 2010 сылтан суруйан саҕалаабытым. Суруйар буочарым суруйааччылартан отой атын. Ордук айылҕа тиэмэтигэр суруйабын, киһи сирдээҕи анала тугуй диэн, алгыстары суруйабын.
«Төрөөбүт тыл умсулҕана» диэн айар куттаах хоһоону, кэпсээни суруйар оҕолорго аналлаах өрөспүбүлүкэтээҕи куонкуруска Сахабыт сирин элбэх улуустарыттан оскуола иннинээҕи уонна оскуола саастаах, уопсайа, 35 оҕо кыттыыны ылла. Бастакы, иккис, үһүс миэстэҕэ тиксибит оҕолор грамоталары туттулар, сорох оҕолор анал аакка тигистилэр.Ону таһынан, бары саҥа тахсыбыт кинигэлэринэн наҕараадаланнылар.
Мантан сиэттэрэн, оҕолору түмэр «Сырдык сыдьаайа» диэн бастакы түмсүү тэрилиннэ. Бу түмсүүгэ оҕолор күн аайы элбэххэ үөрэнэллэр. Хоһоон тутулун, хайдах суруйуохтаахпытын үөрэтэбит. Тэриллибиппит үһүс эрэ ыйа буолла эрээри, номнуо бастакы кинигэбит тахсан эрэр. Онтон олус диэн үөрэбит.
Раиса Николаевна өссө «Уран тыл оһуора» диэн литературнай түмсүүтүгэр Саха сирин элбэх улуустарыттан аҕам саастаах суруйар, айар дьон киирэллэр. Түмсүү тэриллибитэ үһүс сыла буолбут. Икки аҥаар сыл иһигэр 55 кинигэ таһаарбыттар. 26 ааптар кинигэлэммит.14 улахан бырайыагы оҥорбуттар. 70 тахса уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, бибилиэтиэкэҕэ, тэрилтэҕэ сылдьан, 1000-тахса тахса саҥа кинигэлэрин бэлэхтээбиттэр. «Лирика аласа» диэн ааттаах нууччалыы суруллубут хоһооннор кинигэлэрэ Россия улахан куораттарыгар, бибилиэтиэкэлэргэ тарҕатыллыбыт.
Бу оҕолорго аналлаах тэриллибит түмсүү сахабыт тыла умнуллубакка, өссө да көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиллэн иһэригэр анаан, суолталаан тэрилиннэ.
Раиса Николаевна: «Суруйааччы киэҥ ис баайын таска таһаарарыгар төрөөбүт сирин таптыахтаах, тас эйгэни көрө үөрэниэхтээх, оччоҕо дьиҥнээх үчүгэй айымньыны суруйуо»,- диэн санаалаах. «Суруйар-дьүһүйэр дьоҕурдаах оҕо соҕотох сылдьан кыайан аһыллыбат, салгыы сайдарыгар, тахсарыгар эрэйдэнэр»,- диир. Ол иһин айар куттаах киһи оҕолору өйдөөн-өйөөн, кинилэргэ аналлаах түмсүүнү тэрийбит. Оҕолор эмиэ:»Биир санаанан сиэттэрэн, элбэх буолан ылсан, төрөөбүт төрүт тылбытынан суруйа-айа туруохпут»,- диэн бигэ эрэллээхтэр.
Айар куттаах, сахалыы тыыннаах (Раиса Николаевна-Сырдык Күүс алгыһа)
Саха сиригэр аан бастаан,
Суруйар оҕолор түмсүүлэрэ
«Сырдык сыдьаайа» диэн ааттаах,
Айар куттаах, сахалыы тыыннаах
Суруйар оҕолорго аналлаах
Түмсүү тэриллибитинэн
Итии истиҥ эҕэрдэ буолуохтун!
Хас биирдии киһи
Бу орто дойдуга,
Үөһээ Айыылартан ананан кэлэр.
Эһиги төрөөбүт Сахаҕыт сиригэр
Саха тыла сүппэтин туһугар,
Бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар
Ананан кэлбит дьолгут буолар!
Суруйааччы диэн үрдүк ааты
Чиэстээхтик харыстаан илдьэ сылдьыҥ!
Суруйар диэн — бу Кэрэ Эйгэ!
Ханна да сырыттаргыт,
Сиэпкитигэр, суумкаҕытыгар
Уруучукалаах тэтэрээккитин
Укта сылдьар буолуҥ!
Хаһан баҕар, ханна баҕар
Араас эгэлгэ тыллар
Көтөн кэлэн, үөрдүөхтэрэ,
Ону, дьэ, аһаран кэбиспэккэ,
Суруйа охсор сүрэхтээх буолуҥ!
Бу эһиги айымньыгыт,
Искитигэр иитиллэн тахсар иэйиигит!
Эһиги
Күүстээх санаалаах,
Сырдык ыралаах,
Инникини өтө көрөр
Суруйааччы буола улаатыҥ!
Оҕолорбор баҕа санаам
Киһи барахсан орто дойдуга ананан кэлэрэ — бу дьоло буолар.
Сырдык күҥҥэ үөрэ талаһара,
Сибэккилээх күөх отунан хаамара,
Минньигэс салгынынан тыынара,
Өлүөнэ эбэҕэ уунан ысыһа сөтүөлүүрэ,
Айылҕа кэрэ уларыйыыларын көрө улаатара,
Сирдээҕи аналын толороро — бу дьоло!
Онтон үөһээттэн суруйар аналлаах кэлэрэ,
Сахатын сирин
Төрүт тылынан умсугуйан суруйара,
Айымньыларын дьонугар бэлэхтиирэ,
Үөрдэ көтүтэрэ —
Иккис Дьоло буолар.
Ол курдук, түмсүүбэр киирбит оҕолору,
Барыгытын эҕэрдэлиибин!
Бу оҕолор
Сырдык санаалаах, ыралаах,
Дьону ытыктыыр,
Төрөөбүт сирдэрин харыстыыр,
Дьоннорун убаастыыр,
Ырааҕы көрөр дьон буола улаатыахтара.
Саха тылын сүмэтин кинилэр илдьэ хаалан,
Кэлэр да ыччакка суруйан иһиэхтэрэ!
Элбэҕи көрөр, истэр, сыаналыыр буола улаатыахтара.
Суруйар куорсуннара
Истиҥ иэйиилэринэн
Кутулла, сүүрүгүрэ турдун!
Үс куттара куруутун көмөлөһө турдун диэн алгыс маанытын аныыбын!
Дьоллоох, доруобай буоллуннар !