Бүгүн, тохсунньу 13 күнүгэр, дойдубут үрдүнэн бэчээт эйгэтин, сонуну киэҥник тарҕатар үлэһиттэр, суруналыыстар идэтийбит бырааһынньыктара — Бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1703 сыллаахха Петр I уурааҕынан «Ведомости» диэн бастакы хаһыат бэчээттэнэн тахсыбыта. Саха сиригэр 1907 сыллаахха саха саарына В.В. Никифоров-Күлүмнүүр быһаччы көҕүлээһининэн, “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта. Хаҥалас нэһилиэгэр урукку кэмнэртэн айар, суруйар дьоҕурдаах, биллэр суруналыыстар төрөөн, олорон ааспыт түөлбэлэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ, улуус олоҕор, айар үлэтигэр кырата суох кылааты киллэрбит, Хаҥалас сириттэн тахсыбыт суруналыыстарбыт: Ньурба сиригэр бастакы суруналыыһынан ааттаммыт, ССРС суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Афанасий Маркович Иванов-Афанасий Кангаласов диэн төрөөбүт дойдутун ааттатар псевдонимынан, ССРС суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, 1968 сыллаахха Москваҕа тахсыбыт «Русско-якутский словарь» тахсыытыгар үлэлэспит, «Кыым» хаһыакка үлэлээбит Степан Павлович Кылатчанов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Ньурба» хаһыат редакторынан 20 сыл үлэлээбит Семен Петрович Гаврильев, Үөһээ Бүлүүгэ оройуон хаһыатын редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Семен Федотович Филиппов, Ньурба куоракка олорор СӨ үтүөлээх юриһа, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Прокопий Иванович Васильев буолаллар. Ааттаах-суоллаах суруналыыстарбытын сэргэ Хаҥалас оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбит, үгүс көлүөнэ ыччаты төрөөбүт тыл кэрэтигэр, уус-уран тылга умсугуппут, оччотооҕу “Коммунизм суола” хаһыат биир сытыы тыллаах, солбуллубат селькора, сэрии бэтэрээнэ, буойун-учуутал Василий Егорович Максимов, норуот ырыаһыта, дойдутун дьонун ситиһиилэрин киэн тутта элбэхтик хаһыатынан кэпсээбит Николай Федотович Осипов-Чоомуут улуус хаһыатын бастыҥ селькордара этилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэк биир киэн туттуутунан айар үлэлэрэ, сайдыылара кэскиллээҕинэн Хаҥалас оскуолатыгар үлэлиир «Ыллык» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын ааттыахха сөп. Айымньылаахтык үлэлээн кэлбит учуутал уонна наставник, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин, иитиитин Бочуоттаах үлэһитэ Прасковья Николаевна Алексеева “Ыллык” поһу онус сылын салайан үлэлэтэр. “Ыллыктар” сыллата айар үлэлэринэн элбэх ситиһиилэнэн «Кэскил» хаһыат анал номинацияларыгар тиксэллэр, кэккэлэрэ хаҥаан иһэр.
2022 сыл улууска биллэриллибит Норуот көҕүлээһинин сылыгар эдэр кэрэспэдьиэн Анжелина Жданова бырайыак көмүскээн, улуус баһылыгын 150 тыһыынча сууммалаах Гранын ылбыта. Ол түмүгүнэн, техника ылыллан, билиҥҥи сыыппара үйэтигэр аныгылыы киэбинэн медиа куруһуок үлэлээн, араас роликтары усталлар.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр Саша Аммосов 2015 с., Юлия Третьякова 2019 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы “Океан” оҕо киинигэр сынньаммыттара. Ааспыт үөрэх дьылыгар “Ыллык” эдкорпост бастыҥ кэрэспэдьиэннэрэ Олег Адамов, Анжелина Жданова “Ленский край” Наука дьоҕус академиятыгар үөрэнэн, “Бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэн” аатын ылан кэлбиттэрэ.
Быйылгы үөрэх дьылыгар Олег Адамов, Анжелина Жданова, Слава Васильев Дьокуускай куоракка “Сосновый бор” Кииҥҥэ баран сынньалаҥы кытта билиини тэҥҥэ сомсон, элбэххэ үөрэнэн кэллилэр. Биир кэрэхсэнэр үлэлэрэ — «Ыллыктар» сыллата «Кэскил» хаһыакка сурутууга оскуолаларыгар аахсыйа ыыталлар, элбэх оҕолоох ыалларга спонсордары көрдөһөллөр, ол түмүгүнэн, үөрэнээччилэр хаһыакка 45-55 % суруйтаралларын ситистилэр.
Кэм-кэрдии суруйар түгэннэрин үйэтиппит уонна үрдэппит биир дойдулаах суруналыыстарбыт олорбут олохторо, суруйан хаалларбыт айар үлэлэрэ олох тутула уларыйыытыгар сүтэн-иҥэн хаалбакка, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ааттана, үөрэтиллэ туруохтун. Ыччат дьоммут норуоту инникигэ сирдиир, кырдьыгы көрдүүр соруккут сөҕүрүйбэккэ, төрөөбүт ийэ тылбыт чөл туруктаах, кэскиллээх буоларын туһугар үлэҕит өссө да үүнэ-сайда турдун!
Мария Николаева, бибилэтиэкэр,
Хаҥалас, Ньурба.