Сааскы сибиэһэй салгыҥҥа таһырдьа сылдьар, сынньанар наһаа үчүгэй. Уруоктар кэннилэриттэн, оскуола оҕолоро учууталларбытын кытта чугас чүөмпэҕэ муус аннынан балыктаан кэллибит. Мин саамай улахан уонна саамай элбэх балыгы хаптардым. Биһиги дьиэ кэргэммит балыктыы үөрэхтээхпит. Ол курдук сайын от кэмигэр илиминэн, иллэҥ кэммитигэр күөгүнэн, күһүн муус туруута уонна саас муус аннынан балыктыырбытын сөбүлүүбүт. Онно барытыгар аҕабыт Николай Касьянович угуйар, булт ньыматыгар үөрэтэр.
Люба СТРУЧКОВА,
7 кылаас,
Арыылаах орто оскуолата, Дьааҥы.