Учуонай – диэн кимий? Бу ыйытыыга биир саастыылаахтарым үксүлэрэ “өйдөөх киһи” диэн биир тылынан хоруйдуохтара буолуо. Онтон билигин туттар технологияларбытын, сайдыыны барытын биир киһи оҥорон, толкуйдаан таһаардаҕа. Ол эбэтэр учуонай.
Олунньу 8 күнүгэр Н.Н Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатыгар Наука кунэ ааста. Физика учуутала Винокурова Светлана Курбуһахтан төрүттээх учуонайдар тустарынан оҕолорго билиһиннэрдэ. Нэһилиэкпитигэр уопсайа сүүрбэттэн тахса учуонай баар эбит. Оҕолор олус интэриэһиргээн иһиттилэр.
«Наука күнэ биһиги оскуолаҕа олус тэрээһиннээхтик ааста. Уһун перемена бириэмэтигэр оҕолору аактабай саалаҕа түмэммит бу күнү бэлиэтээтибит. Тэрээһиммит уратыта диэн биһиги нэһилиэктэн төрүттээх учуонайдар тустарынан информация оҥордубут. Үөрэнээччим, эдэр учуонай Бурнашев Афанасий Новосибирскай куоракка газофикацияҕа туттуллар улахан тимирдэр тустарынан диссертациятын көмүскээн техническэй наука кандидата буолла.
Үөрэнээччибинэн киэн туттабын. Биһиги оскуолаҕа науканан дьарыктаныы уонна чинчийэн үөрэтии интеграция көмөтүнэн буолар. Онон сылын аайы науканан дьарыктанар оҕолорбут ахсааннара эбиллэн иһэр» — диэн бэлиэтээтэ.
Максим НАУМОВ. Курбуһах орто оскуолатын
8-с кылааһын үөрэнээччитэ.