Сатаҕай нэһилиэгин орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, сахаларга обүгэ саҕаттан кэлбит үтүө дьарыкпытын – сылгыны иитиини үөрэтэллэр, көрөллөр-истэллэр.
Былырыын саас «Көрдүгэн» уонна » Успурдуон Булгунньаҕа» диэн сылгыһыттар баазаларыгар тахсан, үөрэ-көтө сылгы аһатан, соноҕос айааһаан киирбиттэрин быстах видео-сюжетын көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Түгэнинэн туһанан Т. С. Лукин аатынан СХПК үлэһэттэригэр, сылгыһыттарыгар, чуолаан, Яковлев Валерий Ильичка, Филиппов Дмитрий Афанасьевичка, Дьячковскай Роман Романовичка, Яковлев Тихон Ильичка, Скрябин Иннокентий Петровичка уонна салайааччыларыгар Скрябин Василий Васильевичка, Ильин Иван Ивановичка, тус бэйэм ааппыттан уонна төрөппүттэр ааттарыттан, махталбытын тиэрдэбит.
Баҕарабын, барыгытыгар байылыат олоҕу, өбүгэбит төрүт дьарыга салгыы сүппэтин, тэнийдин. Уйгу-быйаҥ буолуохтун. Айылҕабыт үтүө хараҕынан көрдүн, өйөбүл, үбүлээһин эбиллэ турдун. Ыраас халлааны, быйаҥнаах бааһынаны, үрдүк үүнүүнү уонна дьоһун дохуоту.
Э/к Анжела Дмитриевна Филиппова