Бэс ыйын 27 күнүгэр «Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкатыгар «Мир увлекательных профессий» профориентационнай үлэ түһүлгэтигэр орто үөрэхтэр маастар-кылаастара ыытылыннылар.
Чурапчы улууһун Сылаҥ орто оскуолатын XI үөрэнээччитэ, Сандаара Васильева Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин кытта уопсай бырайыактарын көрдөрдө.Бырайыак чэрчитинэн Сылаҥ орто оскуолата уонна Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ оҕолору «Младшая медицинская сестра по уходу за больными» диэн анал куурсугар IX кылаастан саҕалаан үөрэтэллэр, ылбыт аттестаттарын кытта тэҥҥэ мэдиссиинэ салаатын орто сүһүөҕүн исписэлииһин идэтин баһылаабытын туһунан сибидиэтэлистибэни ылаллар. Оччотугар оҕолор доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр үлэлиир толору бырааптаналлар, тута анал категориялаах үлэһит буолаллар. Үөрэххэ киирэллэригэр эбии баал эбиллэр.
- «Биһиги сүрүн үөрэхпит таһынан сааскы сынньалаҥнарга Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин киинигэр эбэтэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбүрсүөккэ киирэммит анал практическай дьарыкка үөрэнэбит уонна бэйэбит оскуолабытыгар тренировочнай манекеннарга дьарыктанабыт. Ол курдук, дьон уорганын көрөрбүтүгэр улахан манекен, тымыртан хаан ыларга муляж илии бааллар. Өскөтүн сыыһа таҕыстаҕына кыһыл өҥүнэн бэйэтэ көрдөрөр. Маны таһынан дьон давлениетын кээмэйдииргэ эмиэ үөрэнэбит. Барыта судургу уонна интэриэһинэй».
Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй кэллиэс устудьуоннары 7 хайысханан бэлэмниир. Ол курдук, «Ветеринария, «Строительство и эксплуатация зданий и сооружений», «Монтаж и эксуплуатация оборудования и систем газоснабжения», «Электроснабжение», «Агрономия, «Мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей», «Пожарная безопасность». Хас биирдии хайысха нэһилиэктэргэ улахан ирдэбиллээх, кэллиэс устудьуоннарыгар элбэх практическай дьарык биэрэр. Мария Васильевна Никитина, старшай мэтэдьиис: «Быйыл биһиэхэ 150 миэстэ биэрдилэр. Биһиги кыһабытын бүтэрбит устудьуоннар испэсээлинэстэрин үрдэтинэллэригэр быһа квота бэриллэр, ону кытта 70% бары анал идэлэринэн үлэлии киирэллэр. Билиҥҥи бириэмэҕэ рабочай испэсээлинэстэр олус наадалаах буоллулар».