«Саҥа дьыл, саҥа дьол!» — диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бары, кыра оҕотуттан кырдьаҕаска тиийэ, Саҥа дьылтан кэрэни, үтүөнү, дьиктини күүтэбит. Хас ыал ахсын харыйа туруоруу, киэргэтии түбүгэ буолар. Оскуолаларга кылааһынан маскараакка бэлэмнэнии, аныгы үйэ сиэринэн «фотозонаны» тэрийии буолар. Дьиэ иһин эрэ киэргэтиинэн муҥурдаммакка, аны олбуорга хаар-муус оҥоһугу эмиэ туруораллар эбээт! Бу үчүгэйин! Көрүҥ эрэ хаартыскалары, Саҥа дьылга бэлэмнэнии өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар хайдах баран эрэр эбитий…
Сыарҕа тыаһа сырылыыр
Саҥа Дьылбыт айанныыр!
Оҕо аймах үөрүүтэ —
Тымныы Оҕонньор кэһиитэ!
Саҥа дьылы көрсөөрү,
Оҕо аймах чугдаарар.
Моруостан бэлэх ылаары,
Түннүгүнэн кэтэһэр.
Күүтүүлээх Саҥа дьыл
Күндээрэн, дьэ, кэллэ!
Маскарад түбүгэ
Ыал аайы үксээтэ.
Харыйа чаҕылхай уоттара
Кырачаан сүрэҕи үөрдэллэр.
Хоробуот көрө-нара
Тулалыыр, эргийэр.
Тыйыс тымныы кыһыны
Сылаас тыынынан ириэрэн,
Үөрүүнү, эрэли аҕалан,
Саҥа дьыл сандааран, дьэ, кэллэ!
Киэҥ куйаарга сулустар
Чаҕылыйа оонньууллар.
Үүнэр саҥа сылбытыгар
Элбэҕи эрэннэрэллэр.
Кустук өҥнөөх оонньуурдар
Харыйаҕа хамсыыллар.
Саҥа дьылбыт дьиктитин
Санаталлар кинилэр.