Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эрчим ааҕыыларыгар» Туора Күөл орто оскуолатыгар айаннаан тиийдим. Манна таас оскуола дьиэтэ кыраһыабайыттан соһуйдум. «Төрөөбүт дойду» хоһоонун биир ый аҥаара бэлэмнэнэн соҕотоҕун ааҕаммын «Иэйиилээх ааҕааччы» анал ааты ыламмын үөрдүм да үөрдүм.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга кыттаммын 3 миэстэ буоллубут. Манна бэйэҥ эрэ тускар буолбакка, атыттар үчүгэйдик ааҕалларыттан тутулуктааҕын өйдүүгүн. Онон сыанаҕа бастакы сүрэхтэниини этэҥҥэ туораатым. Дьиэбэр илии тутуурдаах кэлэммин ийэбин үөрдүбүппүттэн сүргэм көтөҕүлүннэ.
Дьулусхан Андросов 5 кылаас үөрэнээччитэ, Таатта лицейэ.