Cыл ахсын сиэдэрэй быһыылаах кылбаархай кубалар cамаан сайын кэлиитин уруйдаан, Сыаҥааннааҕым сирин үөрдэ кэлэллэр. Ону кытта кылбаҥнаһар кынаттаах, кыҥкыр-лыҥкыр ырыалаах, кыраһыабай кыталыктар кыырай халлаантан көтөн түһэллэр…
Биһиги дойдубутугар бу икки кэрэ көтөрдөр кэлэн, дьону–сэргэни сэргэхситэн, санааларын көтөҕөн, кылгас кэмҥэ да буоллар, дьолу, эрэли саҕан, кыра оҕолору интэриэһиргэтэн, үөрдэн аастылар.
Кубалар нэһилиэккэ уон иккис сылын кэлэллэр. Онон дьон сыл аайы хаартыскаҕа түһэрэр, аһынан маанылыыр.
Онтон кыталыктар сэдэх көтөр буолан, дьон хараҕар биирдэ эмэ көстөн ааһаллар. Сахалар итэҕэллэринэн, кыталыктар үҥкүүлэрин көрбүт киһи дьоллоох буолар дииллэр.
Саха эстрадатын чаҕылхай ырыаһыта Надина Эльпис “Кыталыктар” уонна «Кубалар” диэн ырыаларынан дойдутун уратытын үйэтиппитэ. 2018 сыллаахха “Кыталыктар” ырыаны көрөөччү киэҥ далыгар толорон, Саха сиригэр бүттүүнүгэр билиннэрбитэ. Бу ырыа тылларын Сутуруоха олохтоохторо тыыл бэтэрээнэ Софрон Иванович Соломов, матыыбын Абый улууһун биллииллээх мелодиһа Мария Константиновна Стручкова суруйбуттара.
Онтон быйыл Надина Республика күнүгэр “Кубалар” диэн саҥа ырыаны инстаграм нөҥүө ыллаан, барыбытын үөрдүбүтэ. Ырыа ааптардарынан Сыаҥааннаах олохтоохторо Галина Николаевна Стручкова, Степан Иннокентьевич Новиков буолаллар.
Бу түөрт ааптардар кэрэ көтөрдөрү хомоҕой хоһоонунан хоһуйбуттара, ылбаҕай ырыа суруйан көтүппүттэрэ. Бу ураты лирик дьоннор эбит диэн түмүк оҥоруохха сөп. Кырдьык да, үрүҥ көтөрдүү олус ыраас сырдык наҕыл ырыалар Надина Эльпис толоруутугар алыптаахтык иһиллэллэр. Атын сиргэ сылдьан иһиттэххэ, дойдугун тута саныгын, ахтаҕын. Билигин бу ыарыы кэмигэр Дьокуускайга, атын улуустарга олорор биир дойдулаахтарбыт бу ырыаны харах уулаах истэллэрэ буолуо диэн саарбахтаабаппын. Инстаграмҥа комментарийдарыгар үгүс биир дойдулаахтарбыт “дойдубутун санаан кэллибит, Сыаҥааннааҕым үрдүнэн кубалар көтөн эрэллэрэ харахпар бу баар” диэн суруйбуттар.
ССРС култууратын туйгуна Анастасия Алексеевна Дохунаева эппитиннии: “Биһиги хотулар ырыабыт уратылаах. Маҥнайгынан, матыыба унаархай, иккиһинэн, бу утары көрөн олорон хоһуйуу буолар”. Кырдьык, оннук. Ол иһин, хотугу ураты дьикти ырыалары толорор Надина Эльпиһи Саха сирин сүүһүнэн ырыаһыттарыттан тобулан ылан, таба көрөн араарыахха сөп дии саныыбын. Бар дьоммун “Кубалар” ырыаны истэргитигэр ыҥырабын.
Кылбаа маҥан кыталыктар, кубалар үрдүктэн үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэйэ, кубарыйа көттүлэр. Сурахха киирбит ырыалара салгыҥҥа дуораһыйа тарҕанна. “Кыталыктар” ырыаҕа ылланарыныы: “Эһиилги сааскыга эмиэ Элгэс сирин булаарыҥ, эһиэкэйдээн эрэрдии унаар күөхтээх Абыйбар уйа тутта кэлээриҥ!”
Ааптар: Эльдар Садовников, “Элгэс эрэллэрэ” эдкорпост.
Сыаҥааннаах, Абый