Үөһээ Бүлүү Дүллүкү оскуолатын «Эрчим» эдкорпоһа биһиги биир саамай көхтөөх, эрэллээх доҕорбут буолар. Поһу 1983 сыллаахха Александра Андреевна Докторова тэрийбитэ. Салгыы 90-с сылларга Татьяна Петровна Ан салайбыта. 2000 сыллардаахтан салайааччыланан Антонина Ивановна Афанасьева ситиһиилээхтик үлэлиир. «Эрчим» оҕолоро хаһыаттарын туһунан санааларын ааҕыҥ.
Сүбэлиир суос-соҕотох хаһыаппыт
«Кэскил» биһиэхэ, оҕолорго аналлаах үөрэтэр, толкуйдатар, сүбэлиир суос-соҕотох хаһыаппыт буолар. Алын кылаас оҕолоруттан саҕалаан, барыбытыгар олус туһалаах.
«Кэскилгэ» Саха сирин араас оскуолаларыгар оҕолор хайдах үөрэнэллэрин, тугунан дьарыктаналларын туһунан ааҕабыт, саҥаны-сонуну билэбит.
Хаһыаппыт араас куонкурустары ыытарыгар кыттабыт, сайдабыт. Мин хаһыатым кэллэҕинэ, бастаан «Уоскулаҥы» арыйан, араас кроссворду, таайбараҥы, судокуну таайарбын сөбүлүүбүн. Кэлин «Кэскил» түөрт сирэйдээх буолан тарҕанара, өссө табыгастаах курдук. Элбэх балаһаны ааҕар сороҕор салгымтыалаах буолар, аныгыскыга хаалларан баран аахпакка хаалыаххын сөп. Онтон билигин биирдэ ааҕан кэбиһэҕин уонна «Бэлэм буол» сурунаалы хаһан баҕарар бириэмэлэннэххинэ ааҕыаххын, өссө оонньуоххун да сөп.
Оҕолор, «Кэскили» ааҕыаҕыҥ, билиибит хаҥыырын, сайдарбыт туһугар хаһыаппытыгар суруттарыаҕыҥ!
Сөпкө суруйарга көмөлөөх
«Кэскил» хаһыаттан оҕолор хоһооннорун, кэпсээннэрин ааҕабын. «Таҥсыктан» QR-куодунан көрөн ас астыырга үөрэнэбин. Абааһылаах, кутталлаах кэпсээннэри ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ааҕыы сөпкө суруйарга көмөлөөх буолар. Хаһыат, кинигэ үчүгэйдик, түргэнник ааҕар буоларга эмиэ көмөлөһөр.
Оҕолоор, хаһыаты ааҕыҥ, «Кэскилгэ» суруйтарыҥ!
«Хаһыат тыла» диэн эбии дьарык
Мин «Кэскил» хаһыаты кыра кылаастан саҕалаан ааҕабын. Биһиги кылааспытыгар хаһыаппыт куруутун баар. Дьүөгэлэрбин Петрова Айыынаны, Афанасьева Кристинаны кытта «Хаһыат тыла» диэн эбии дьарыкка сылдьабыт. Биһиэхэ «Кэскилбит» почтаҕа субуотаҕа кэлэр. Ону куруһуокпут буолар күнүгэр, оптуорунньук аайы, ылан ааҕабыт, ырытабыт. Ким тугу интэриэһиргээбитин булабыт уонна кэпсиибит. Учууталбыт Антонина Ивановна ыйан, быһааран биэрэр. «#Belem BUOL» сурунаалы сөбүлээн ааҕабыт. Араас барыта баар. Мин атын кылаас оҕолоругар сурутууну ыытарга анаан, «Доруобуйа азбуката» диэн балаһаны кэпсииргэ бэлэмнэммитим. Анал тэтэрээппэр наадалааҕы кылгатан устан бэлиэтэммитим. Бэйэм эмиэ элбэх саҥаны билбитим. Дьүөгэм Айыына «Кытай тылын үөрэтэбит» диэн балаһаны интэриэһиргиир, ону кэпсииргэ бэлэмнэммитэ. Онтон Сарген историяны олус билэр, онон кини «Сири сиксигинэн» балаһаттан үгүс сонуну билбитэ, бэлэмнэммитэ. Кылааһынан «Уоскулаҥтан» ребуһу таайарбытын сөбүлүүбүт. QR-куодунан киирэн, эбии элбэҕи билиэххин-көрүөххүн эмиэ сөп. Хаһыаты куруутун ааҕар буоллаххына, ааҕар тэтимиҥ түргэтиир. Аахпыккын өйдүүр буолаҕын, толкуйдууруҥ, билииҥ кэҥиир.
Оҕолор, хаһыаты, сурунаалы ааҕыҥ диэн сүбэлиибин. Төрөппүттэр, оҕолоргутугар «Кэскили» сурутан эбии билиини бэлэхтээҥ!
Саша Иванова, «Эрчим» корпост.
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.