Кырдьаҕастар
(Бүтүүтэ.
Иннин 48 №-гэ аах).
Икки кырдьаҕас, чэй иһэ-иһэ, бэрт өр сэлэспиттэрэ. Маайа наар оҕо саастарын ахтан тахсыбыта. Бэл, били ыһыахха көрсөн баран, кэпсэппэккэ хомоппутуҥ диэбитэ. Ньукулай онно эмиэ сүрэҕэ ньүөлүйэн ылбыта. Иккиэн да дойдуларын ахталлара, курдаттыы таттара сылдьаллара өтө көстөрө. Эдэр дьон дойдуларыгар тохтооботторун туһунан муҥатыспыттара. Сопхуостар ыһыллыахтарын иннинэ бөһүөлэктэр син кыралаан улаатан, дьоно-сэргэтэ эбиллэн испитэ ээ. Билигин дьиэ-уот улахан аҥаара кураанах хаалла. Бары ойон тура-тура киин сири былдьаһаллар. Үлэ суох, оскуолаҕа анал үөрэхтээх учуутал тиийбэт буолбут кэмигэр ол эмиэ да сөп курдук эрээри, кырдьаҕас дьон санааларыгар ыарахан. Оннооҕор бу кинилэр дойдуларыттан тэйэн олордохторо дии.
Итинтэн ыла Ньукулай нэдиэлэҕэ биирдэ, сороҕор иккитэ даҕаны Маайаҕа баран кэлэр буолбута. Оттон төлөпүөнүнэн күн аайы кэпсэтэллэр. Өссө Маайа биирдэ сиэниниин кинилэргэ кэлэ сылдьыбыта. Онно Ньукулай халлаан сылыйдар эрэ дойдутугар тахсарын туһунан эппитигэр, Маайа чочумча саҥата суох олоро түһэн баран:
– Соҕотоҕун хайдах олоруоҥуй? Биир эмэ чэй өрөн биэрэр эмээхсини булуннаргын… – диэбитэ. Ньукулай урут санаан да көрбөтөҕүн этитэн, мах бэрдэрэн, саҥата суох хаалбыта. Итинтэн салгыы кэпсэтии соччо тахсыбатаҕа. Онтон ыла бэрт элбэҕи ырыта санаан баран, үнүрүүн Маайалаахха тиийэн олордоҕуна, кэпсэтии эмиэ Ньукулай дойдутугар тахсарыгар иэҕиллибитигэр оҕонньор өр кэмҥэ иитиэхтээбит санаатын:
– Арай эн миигин кытары тахсыстаргын… – диэн киһи истэр гына этэн кэбиһээт, кыбыстан, бэргэһэтин, үтүлүгүн үрдүгэр түспүтэ. Хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Маайа бүлүүһэлээх чэйигэр туох эрэ олус дьиктини, сонурҕатары көрбүт курдук тарбахтарын төбөтүнэн эргитэ-эргитэ, супту көрөн хаалбыта. Итинник айахтатан кэбиспититтэн ыла ый аҥаарын кэриҥэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэ да, бара да сылдьа илик. Туох эрэ буруйу, сааттааҕы оҥорбут курдук бу дойдуттан куотар эрэ баҕа санаалаах. Ону баара халлааммыт сылыйан биэримээри гынна дии.
«Чэ, күн сарсын Сэргэйгэ дьиэни отун диэн илдьиттиэм,» – дии саныы-саныы, Ньукулай килиэбигэр тахсаары сонун кэтэ турдаҕына, төлөпүөн тыаһа тырылыы түстэ. Хап-сабар туруупканы сулбу тардан ылан:
– Аллуо, – диэбитигэр чочумча саҥа суох буолла. Онтон Маайа намыын куолаһа олус уйаҕастык:
– Ньукулаай, эн хаһан дойдугар айанныыгын? Мин эмиэ тахсыһар санааланным, – диэбитигэр аттыгар турар кириэһилэҕэ «лах» гына олоро түстэ. Балачча дөйөн олоро түһээт:
– Маайаа… Маайаа.. Оттон оҕолорбут… – диэн нэһиилэ ыган таһаарда. Маайа, эрдэттэн быһаарыммыт уонна итинник ыйытыыны күүппүт киһи быһыытынан, эрдээхтик:
– Өйдүөхтэрэ… Эн биһикки оҕо эрдэхпититтэн үчүгэйдик санаһабыт. Өйөһөн-өйдөһөн олоруохпут, – диэбитигэр, Ньукулай үөрбүттүү хап-сабар:
– Олорон. Олорон буолумуна, – диирин кытары туруупкаҕа Маайа өрө сыҥара уонна биир тэҥ «тыып-тыып-тыып» диэн тыас иһилиннэ. Ньукулай, ол тыаһы дьиибэргээбиттии, туруупкалаах илиитин ньилбэгэр ууран, балачча өр көрөн олордо. Онтон хараҕа үөрүү кыымынан сырдаан, уоһа ыртайан киирэн барда. Туруупкатын оннугар уураат:
– Оҕолор өйдүөхтэрэ… үчүгэйдик санаһабыт… Олорон, олорон бөҕө буоллаҕа дии, – диэн ботугуруу-ботугуруу, суунан эрэр киһилии, икки ытыһынан сирэйин сууралаамахтаата.
Данил МАКЕЕВ.