Муус устар ыйга Дьокуускайга ааттаах-суоллаах айар куттаах дьон ыалдьыттыыллар. Ол курдук, ый саҥатыгар суруйааччы Андрей Геласимов, кинини тилэх баттаһа Дмитрий Глуховскай Дьокуускай ааҕааччыларын кытары көрүстүлэр.
Саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева көҕүлүүр “Благодать большого снега” диэн поэзия фестивалыгар Москваттан кэлбит биир ыалдьыт Национальнай бибилэтиэкэҕэ көрсүһүүгэ маннык бэлиэ тыллары эппитин өйдүүбүн: “Маннык үтүө дойдуга, өлгөм хаардаах Саха сиригэр киһи эрэ хоһоон айыах, суруйуох эйгэтэ. Эһиги абыраммыт да дьоҥҥут”,—диэбиттээх. Саха духуобунай култуурата, баай фольклора, олоҥхоҕо олоҕурбут литературата баай нэһилиэстибэлээх буолан, билигин саха киинэтэ өрөгөйдүүр, фестивалларга кыайар кэмэ. Ити сыччах биир холобур.
Сахалыы киинэ абылаҥа
Ыалдьыппыт суруйааччы, суруналыыс, сценарист Дмитрий Глуховскай SMART бибилэтиэкэҕэ IT анал идэлээхтэрин, сценарий, драма суруйааччылары, киинэ эйгэтин үлэһиттэрин кытары истиҥник көрүстэ. Киһи сэҥээрэр санааларын эппититтэн быһа тардан, сорҕотун эдэркээн ааҕааччыларга билиһиннэриим:
-Саха киинэтин уратытын, дьикти абылыыр күүстээҕин туһунан истэн билэбин. Ол курдук, манна кэлэн режиссер Дмитрий Давыдов “Кинтоаврга” муҥутуур кыайыыны ситиспит “Пугало” киинэтин, итиэннэ “Күлүк хомус” диэн киинэ сорҕотун көрөр чиэскэ тигистим. Уонча сыллааҕыта Дьокуускайга кэлэн барбытым. Онон-манан сэбиэскэй көстүүлээх, эмиэ да дэбигис таайыллыбат кистэлэҥнээх Саха сирэ—чахчы да, ураты дойду.
Мин санаабар, эһиэхэ баар дьиктини айан таһаарарга хас эмэ мөлүйүөнүнэн сууммалаах графическай дизайн булгу суолталаах диэн буолбатах. Саха сирин айылҕата, тулалыыр эйгэтэ—бэйэтинэн кэрэттэн кэрэ. Уонна көмпүүтэр оҥорбут, таҥмыт графикатынааҕар тыыннаах устуоруйа, түгэн быдан ордук.
Сүрүн герой—тыын суолталаах
-Айымньыга да, киинэҕэ эмиэ—сүрүн геройтан олус тутулуктаах. Наһаа уһун монолог эҥин киинэҕэ барсыбат. Көрөөччүнү герой абылыахтаах. Ол иһин киинэни устааччы көрөөччү болҕомтотун сатаан тардыахтаах. Сорох ааҕааччы: “Киинэни көрөрдөөҕөр, кинигэни ааҕар ордук”, диэн билинэр. Бэйэм айымньыларбар бэйэм сценарий суруйарым миэхэ табыллааччы.
Сценарийдары суруйбутум 14 сыл буолла. Аан дойду үрдүнэн билигин сериаллары устар буоллулар. Инньэ гынан, тэлэбиидэнньэ үгүс сценаристары бэйэтигэр тарта. Киинэ кириитиктэригэр уонна биирдиилээн сүгүрүйээччилэргэ анаан аан дойду үрдүнэн арт-хауснай, авторскай хайысхалаах киинэлэри усталлар.
Социальнай ситимтэн, тиэхиникэттэн тэйэн ылыы
-Омуна суох билинэбин: көтөр аалга олорсон иһэн иһийии, суруйуу—көмөлөөх. Хайдах эрэ, ордук табыллар. Уопсайынан, социальнай ситимтэн, төлөпүөнтэн, тиэхиникэттэн тэйэн ылыы—быдан көдьүүстээх. Смартфон, атын да тиэхиникэ эйигин бэйэтин билиэнигэр хам тардан ылар, эйигин тутулуктаах оҥорор аналлаахтар. Социальнай ситимнэри арыйталаан көрүү—киһи күүһүн, болҕомтотун биллэрдик өһүлэр. Ити ситимнэр киһини курдаттыы оборон ылар күүстээхтэрин умнумуохха. Ол иһин ардыгар интернет эҥин хаппат сиригэр, холобур, дэриэбинэҕэ тиийэн сынньанар, суруйар эмиэ көдьүүстээх.
Көҥүлтэн аккаастаныы
-Сорох киһи көҥүл буолуу тыыныттан бэйэтэ туоруур. Киһи барахсан улахан эйгэ кэккэтигэр киирбититтэн, биитэр, кымырдаҕас улахан оргулун курдук түмсүүгэ сылдьарыттан ис иһиттэн дуоһуйар, астынар. Айылгыта оннук. Ол эрээри, бэйэҕэ уонна олоххо кырдьыктаах, истиҥ буолуу суолталаах.
Ааҕар, көрөр, билэр киһи
-Суруйар, киинэ устар туһугар элбэҕи аахпыт, бэйэни байыппыт ордук. Суруйуу, айар үлэ диэн мэлдьи холуодьаһы толоруу тэҥэ. Оҕо эрдэхпиттэн ааҕарбын сөбүлүүбүн. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ Станислав Лем, бырааттыы Стругацкайдар айымньыларын сөбүлүүрүм. Университеттааҕы кэммэр Гарсиа Маркес, Хорхе Борхес, Франц Кафка уо.д.а. айымньыларын астына ааҕарым. Билигин ХХ үйэҕэ айбыт-туппут И.Бабель, А.Платонов уо.д.а. айымньыларын ордоробун. Дьиҥнээх айымньы, айар үлэ маркетинтан, ол-бу рекламаттан эҥин тэйиччи турар, хата, кырдьык, истиҥ санаа баһыйар.
Истээччи санаата
Анна Пшенникова, суруналыыс, сценарист:
-Глуховскайдыын көрсүһүүгэ хайдах эрэ улаханнык өрө көтөҕүллүбэккэ кэлбитим. Тоҕо диэтэххэ, аҥаардас кини политическай көрүүтэ чыҥха атын. Уонна “Тотальный диктант” тэрээһиҥҥэ тоҕо ала-чуо кинини талбыттара буолуой”, диэх курдук саарбахтыыр санаалар эмиэ киирбиттэрэ. Ол гынан баран, мин сыыспыппыттан үөрэ санаатым: Дмитрий Глуховскай тыла-өһө баай, нууччалыы сыысхала, сыыс тыла суох саҥарар, үөрэх, таһым бөҕөлөөх, эбиитин “сулус ыарыыта” эҥин диэни билбэт сэмэй киһи эбит. Кини бэрт эдэр сааһыгар “Метро” романы суруйбута сөхтөрөр. Мэлдьи көрдүүр, чинчийэр суруйааччы. Ол иһин миигин чахчы олус сөхтөрдө.
Жанна Леонтьева.
Ааптар түһэриилэрэ.