Николай Алексеевич Лугинов Кэбээйи улууһун тыатыгар, кэрэ айылҕалаах, өлгөм бултаах-алтаах Тыайа сиригэр-уотугар төрөөбүт киһи буолар. Атырдьах ыйын 14 күнүгэр биир дойдулаахпыт 75 сааһын туолла.
Мин быйыл биһиги биир дойдулаахпыт Николай Алексеевич Лугиновы кытта билистим, айымньыларын ааҕан, олус сөбүлээтим.
Николай Лугинов «Кустук» диэн кэпсээнэ уол оҕону булчут буоларга, сиэрдээх быһыыга үөрэтэр. Бу айымньы уол оҕону дьиэтээҕи кыылга киһилии сыһыаннаһыахтааххын, быстах санаа, куһаҕан дьаллык иэдээҥҥэ тэбиэн сөп диэн сэрэтэр. Булчут киһи киһи да, ыт да биир кыһалҕаҕа ыллаттарыахтарын сөп. Ким да буол, туох да буол, син ыалдьар эттээххин, син тоҥоҕун-хатаҕын. Булчут бастыҥ доҕоро, көмөлөһөөччүтэ — ыт буолар. Бу кэпсээҥҥэ Кустук диэн ыт барахсан иччитэ таҥнарарын билбэккэ, күн аайы кинини күүтэр, эрэнэр, таптыыр. Хайаан да миигин кэлэн ылыа диэн итэҕэйэр. Уол оҕо булчут буола улаатарыгар ытын кытта ыкса сибээстээҕин өйбөр хатаатым.
Оттон «Суор» диэн кэпсээҥҥэ «Уол оҕо төрөөтөҕүнэ куруҥҥа суор үөрэр» диэн өс хоһооно бу кэпсээн сүрүн санаатынан буолар. Манна Аар Тайҕа мастара, Налыылар, Сыһыылар, Халдьаайылар, суор, Байанай, оҕонньор – бары уол оҕо төрүүрүн кэтэһэллэр. Уол оҕо барахсан тарбаҕар талааннааҕа чахчы, хайаан да булчут буолара хааныгар баар диэн автор ааҕааччыларга тиэрдэ сатаабыта табыллыбыт дии санаатым.
Оҕолоор, Айна Аргунова, Валя Гуляева уонна Сайаана Терехова оҥорбут буктрейлердарын көрүҥ уонна Николай Лугинов айымньыларын ааҕыҥ!
Дуолан ПАВЛОВ, 7 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.