Мин күhүҥҥү үөрэх өрөбүллэригэр Уус – Алдан Суоттутугар олорор эhэлээх эбэбэр муус ылан кэллим. Тыа сиригэр олорор дьоҥҥо олус суолталаах түгэн, уhун кырыны туоруур , сайынын эмиэ ыраас ууну иhэргэ – муус ылыыта буолар. Күhүҥҥү өрөбүллэриннилэриттэн эрдэ муус ыларга көмөҕө кэл диэн кэпсэтии буолта. Мин бииргэ үөрэнэр табаарыспын Петров Никитаны илдьэ барарга кэпсэппиппим, улгумнук ылыммыта. Кини урут хаhан да муус ылыытыгар сылдьыбатах буолан, саҥа , билбэт сиргэ муус ыла барыы-сонун буолла. Эhэлээх эбэм 80-чалаах дьон, Петр Петрович уонна Елизавета Гавриловна, биhиги тиийбиппитигэр олус үөрэ көрсүбүтэрэ. Тиийиэхпититтэн кэлиэхпитигэр дылы үүттээх сылаас чэйинэн, минньигэс аhылыгынан тото – хана аhаттылар, көрдүлэр – иhиттилэр. Дэриэбинэҕэ, эчи, чуумпутун, салгына ырааhын, дьоно – сэргэтэ холкуларын тиийдэҕим аайы ону сонургуубун.
Муус ылар сирбит биhиги дьиэбититтэн син тэйиччи «Удаҕан» диэн ааттаах күөлгэ 6 күн муус ыллыбыт. Бастаан күөлгэ тиийэн, чардааппыт киэҥинэн хаарын ыраастаабыппыт, Онтон анал анньыынан муус алларан, ыларга тэҥ гына эрбиилээн, тордуоҕунан соhон таhаарбыппыт. Онтон кыралаан 30 шт массыынаҕа тиэйбиппит. Бу муус ылыытын хас биирдии көрүҥэ – киhини элбэххэ үөрэтэр, толкуйдатар, олоххо иитэр дии санаатым. Хас да сыл маннык муус ылыытыгар сырыттым эрээри, саҥаны билии – көрүү эбиллэн иhэр курдук. Маннык күн аайы үлэлээн, сибиэhэй салгынынан дуоhуйа тыынан, эhэлээх эбэбэр көмөлөhөн, күhүҥҥү үөрэх өрөбүллэрин олус туhалаахтык атааран кэллибит.
Саша Бечеканов, IX «в» кылаас, Дьокуускай 17 №-дээх оскуолата.