Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, саха тыллаах эрэ барыта ытыктыыр улуу киһибит, духуобунай лиидэр, биллиилээх драматург, прозаик, поэт, саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 116 сыла туолар. Суорун Омоллоон маны таһынан аһаҕас халлаан анныгар хас даҕаны түмэли төрүттээбит киһинэн буолар.
Ытык киһибит кэс тыла
- Бар дьоҥҥо, норуокка өҥө — ол буолар дьиҥнээх баай.
- Дьонноох киһи кута-сүрэ хаһан да мөлтөөбөт, тостубат, мэлдьи чөллөөх, күүстээх буолар.
- Дьон сыһыаныгар саамай суолталаах — сүрэх. Киһини сүрэххитинэн билэргэ кыһаныҥ. Кини сүрэҕин санаатын сүрэххитинэн өйдөөҥ. Саха киһитин сүрэҕэ кыымнаах, уоттаах. Ону өрүү күөдьүтэ сылдьыҥ.
- Үчүгэйтэн үөрбүт киһи сирэйин курдугу өрүү өйдөөбөппүн. Саха үөрүнньэҥ омук. Үөрүү киһини үрдэтэр.
- Улахан талаан, улахан кутаа курдук, хараҥаны хайа тыырыыта күүстээх буолуохтаах.
- Духуобунай баай уһун үйэлээх буолуохтаах. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн муҥура суох хаҥыы, байа, сайда турар.
- Ыырбытыттан тахсар ыллыкпыт ыраас, көнө, дьылҕабытыгар дабайар аартыкпыт киэҥ, сирдиир орой сулустаах, сырдык күннээх буоларыгар эрэнэммин сүрэҕим-быарым холку, өйүм-санаам дьэҥкэ.
- Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр.
- Норуот сүрэҕэр кэриэс буолан хаалыы — бу саамай уһунтан уһун, өлбөт үйэ буолуохтаах.
- Мин эт бэйэм өлбүтүм иннигэр, айымньы бэйэм ыччаттарбын кытта ыксалаһар буолуом: чороон айах буолан уураһыам, эбир хамыйах буолан эҕэрдэлиэм, үтүө алгыс буоламмын үрдүккэ ыҥырыам, кэрэмэс симэх буоламмын кэрэҕэ угуйуом: киһи диэн кэрэттэн-кэрэ буолар кэскиллээҕин кэпсии туруом.
Дмитрий Кононович оҕолорго дьикти үчүгэй сыһыаннааҕа. Кини оҕолорго аналлаах элбэххэ үөрэтэр-такайар айымньылардаах: «Чүөчээски», «Чөөчө», «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», «Ачаа саһаана», «Бэйэтэ эмтиэкэ» уо.д.а. кэпсээннэрин сөбүлээн ааҕабыт.
Суорун Омоллоон үөрэнээччилэри кытары көрсүһүүтүттэн видеоны манна көрүҥ:
1975 с. «Хотугу сулус» сурунаал 8 нүөмэригэр бэчээттэммит Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун олуктарын ахтыыга тиһэн хаалларбытын бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://keskil14.ru/bala-an-yjyn-14-k-n-ger-uluu-ki-ibit-dmitrij-kononovich-sivtsev-suorun-omolloon-t-r-b-te-115-syla/
keskil14.ru