Төҥүлүтээҕи “Чэчир” оҕо сайдар киинигэр “Суолга сэрэхтээх буоларга үөрэнэбит” диэн ааттаах декада ыытылынна. Оҕолор төрөппүттэринээн “Күөх уот” уруһуй куонкурсугар кытыннылар. Кыайыылаахтарынан Лазарев Давид, Калачев Максим, Уваров Арылхан ааттаннылар. Суол быраабылаларын тутуһуу туһунан бэсиэдэлэр, “Пассажирдар уонна суоппардар” хамсаныылаах оонньуу, “Светофор дойдутугар” диэн викторина ыытылыннылар. Оҕолорго презентациялар, көрдөрөн үөрэтэр плакаттар көрдөрүлүннүлэр. Ойуулардаах карточкаларынан остуол оонньуулара тэрилиннилэр. Төрөппүттэргэ аналлаах стендэлэргэ, тэрилтэ сайтыгар “Суолга сэрэхтээх буолуу” тиэмэҕэ иһитиннэриилэр ыйаннылар. Көстөр сирдэргэ плакаттар сыһыарылыннылар.
Улахан уонна оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэр бөлөх иитиллээччилэригэр литературнай куонкурус буолла. Федотова Айуран эбээтинээн Андросова Лидия Никитичналыын хоһооннору айаннар 1 миэстэ, Бурнашева Аэлита ийэтинээн Анна Гаврильевналыын таабырыннары айаннар 2 миэстэ, Ильина Уйгулаана ийэтинээн Розалия Петровналыын хоһоон айаннар 3 миэстэ буоллулар.
Суолга сэрэхтээх буолуу төрөппүт холобуруттан саҕаланар диэн “Памятка” суруйан хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ биэрдибит.
Баишева Ульяна Никитична, методист
Лидия Андросова, сиэнэ Федотова Айуран хоһоонноро
“Зебра” уонна светофор
Маҥан, хара сурааһын –
Зебра курдук букатын!
Уулуссаҕа бэлиэ сир –
Манан туораа, — диэн кэпсиир.
Куттаммакка барарга,
Суолу туораан тахсарга
Анал миэстэ айбыттар,
«Зебра» буоллун, диэбиттэр.
Мээнэ туоруур кутталлаах,
Бэрээдэк баар буолуохтаах,
Суолга ону дьаһайар
Араас уоттаах светофор.
Кыһыл уокка тохтуугун,
Кэтэһэҕин, тураҕын,
Уҥа-хаҥас көрөҕүн,
Куттал суоҕун билэҕин.
Онтон күөх уот умайыа,
Туоруугун,- диэн көҥүллүө,
Элбэх дьоннуун биир тэҥҥэ
Хааман таҕыс этэҥҥэ!
Сэрэхтээх буол!
Тохтоон турар автобус,
Ханнык ба5ар массыына
Нөҥүө өттө көстүбэт,
Туох иһэрэ биллибэт.
Тута туоруу ыксаама,
Оргууй аҕай көрүөлээ,
Баҕар кэлиэ массыына
Тыаһа суохтук эмискэ.
Эргиир кэннэ көстүбэт,
Эмиэ олус сэрэхтээх,
Бастаан тохтоон иһиллээ,
Билэн баран дьэ туораа.
Суолу туоруур буоллахха
Көстөр сири талыахха,
Хас массыына иһэрин
Көрөн билиэх тустааххын.
Айан оонньуу буолбатах
Айан оонньуу буолбатах,
Кини өрүү сэрэхтээх,
Суоппар суолу көрүөхтээх,
Болҕомтолоох буолуохтаах.
Мэһэйдээмэ мэниктээн,
Эргичиҥнээн-урбаҥнаан,
Хаһыытаама айдааран,
Ону-маны ыйытан.
Суоппарга баар буолуохтаах
Кириэһилэ аналлаах,
Оҕо онно олорор,
Оннун булан оҥостор.
Кириэһилэ курдардаах,
Суулбаккар туһалаах,
Кини тутан харыстыыр,
Охсуулартан көмүскүүр.
Тротуар уонна уулусса
Сатыы киһи, эйиэхэ
Оҥорбуттар тротуар.
Өрүү ону өйдүөххэ –
Хаамар сириҥ, дьэ, бу баар.
Уулуссанан хаамыма
Суол – массыына миэстэтэ,
Онтон тахсар, умнума,
Быраабыла кэһиитэ.
Сатыы киһи, массыына
Анал сылдьар сирдээхтэр,
Бары ону айаҥҥа
Тутуһуоҕуҥ күннэтэ!