Алтынньы 28 күнүгэр Бүлүүтээҕи култуура дыбарыаһыгар Россия ДОСААФ оскуолатын 95 сыллааҕы үбүлүөйэ үөрүүлээхтик ыытылынна. Манна Н.И. Протопопова аатынан “Оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар “Кэскил” киин “ЮИД”, ол эбэтэр “Юные инспектора дороги” куруһуок үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр. Бу куруһуок хаһыс да сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. Куруһуок салайааччытын Мария Ивановна Федорованы кытта кэпсэттибит:
— ЮИД хас сыллаахтан үлэлиирий?
— ЮИД куруһуок 2019 сылтан үлэлиир. Аан бастаан 2018 сыллаахха сайыҥҥы лааҕыр тэрийэн көрбүппүт. Ол кэнитэн биһиги куораппыт оҕолоругар наада эбит диэн санааттан программа оҥоһуллубута унна дьэ үөрэтэн киирэн барбыппыт.
— Куруһуок туох сыаллааҕый – соруктааҕый?
— Биһиги куруһуокпут сыала соруга — оҕолор суол быраабылатын биллиннэр, хас бирдии оҕо бэйэтэ олоҕун уонна доробуйатын харыстана сылдьыахтаах диэн. Суол бэйэтэ туһунан эйгэлээх сир, ол иһин суол быраабылатыгар, суол культуратыгар оҕолору барытыгар үөрэтэр олус наадалаах. Маны таһынан оҕолор “Маҥнайгы көмөнү” оҥорорго үөрэнэллэр, суол саахала буоллаҕына мунан — тэнэн хаалбаттарын курдук.
— Куруһуок үөрэнээччилэрэ туох ситиһиилээхтэрий?
— Араас ситиһиибит элбэх, ордук киэн туттабыт 2019 с. российскай суол быраабылатын туһунан олимпиадаҕа 1 миэстэбитинэн уонна былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи суолга куттала суох буолуу “Засветись” диэн видео күрэҕэр 1 миэстэ ылбыппытынан.
— Хас саастаах оҕолор дьарыктаналларый?
— Былырыҥҥа дылы бастакы кылаастан 15 саастарыгар диэри диэн этэ, онтон быйылгаттан детсад оҕолорун кытта хабарга сананан үөрэтэн эрэбит.
— Инникитин өссө туох былааннааххытый?
— Быйыл биһиги былааммыт элбэх, ол курдук оҕолору суол бырабылатыгар үөрэтиигэ методическай посуобуйаны уонна оҕолорго рабочай тэтэрээт бэлэмниир санаалаах сылдьабын.
— Куруһуок үлэтигэр ханнык тэрилтэлэри кытта алтыһаҕытый?
— Биһиги бу үлэбитинэн саамай чугас социальнай партнербутунан буолар Бүлүүтээҕи ГАИ уонна маны тэҥэ Бүлүүтээҕи ДОСААФ техническэй оскуолатын кытта алтыһабыт.
Кэпсэттэ Урсууна Федорова, “Репортер” медиа-киин,
Н.И. Протопопова аатынан ИТЦ “Кэскил”, Бүлүү к.