Сунтаар нэһилиэгэр Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин “Я – блогер, лайкер, тиктокер” диэн оҕо сайыҥҥы бырагырааматыгар педагог Зинаида Афанасьевна Иванова @zinaidaivanova_ 13 оҕону дьарыктыыр. Бу бырагыраама уратыта элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн иһинэн ыытыллар лааҕырдартан биирдэстэрэ. Оҕолор блогер буоларга үөрэнэллэрин таһынан дьиэ кэргэнинэн сайыны туһалаахтык атааран, үлэлииллэр, сынньаналлар.
Блогер диэн аныгы кэм идэлэриттэн биирдэстэрэ. Куйаар ситимин нөҥүө араас ханаалларга (Instagram, YouTube, Likee, Tik-Tok, Facebook, VKontakte о.д.а.) бэйэлэрин страницаларын арыйаллар. Интэриэһинэй тиэмэни дьон истиитигэр-көрүүтүгэр видеонан уонна хаартысканан пост таһаараллар. Блогер элбэх сурутааччылаах буоларга кыһаллыахтаах, ол туһугар элбэхтик үлэлиэхтээх, смартфону, фотоаппараты, ноутбугу сатаан туттар буолуохтаах. Төлөпүөн сыһыарыыларын биэс тарбах курдук билэр, сатыыр буолара ирдэнэр.
«7-17 саастаах оҕолор, сиэннэр, «Сайыҥҥы сынньалаҥҥа бары бииргэ сынньанабыт, саҥаны билэбит» диэн девиһинэн сиэттэрэн, эбэлэригэр Бордоҥҥо, Дьоруой Ийэ Галина Егоровна Петроваҕа мусталлар. Бастатан туран, дьиэ кэргэн биисинэһин саҕалаатылар. Оҕолор бары шаурма, кымыс, мүөттээх туорду астаан атыылыыллар. Иккиһинэн, бары ыанньыксыт буоларга дьулуһаллар. Номнуо биирдии ынаҕы бэйэлэрэ ыыр буоллулар. Сир аһын хомуйуутугар ким иһитэ, мэһэмээнэ бастакынан туолар эбит диэн күрэстэһэллэр. Ол түмүгүнэн видео уһуллар, хаартыскаҕа түһүү буолар. “Я – блогер” бырагыраамаларын сорудаҕын толороллор, билиилэрин чиҥэтэллэр,” – диэн педагог Зинаида Афанасьевна кэпсиир.
Түргэн туттуулаах, сатабыллаах Джулия Иванова @dzhuliyaa_ буолар:
«Улахан кыргыттар сарсыарда 7 ч. 30 м. туран, хотоҥҥо ынах ыы тахсаллар, кыралар 9 ч. тураллар. Куурусса аһаталлар, уу таһаллар, дьиэ хомуйаллар. Күн өрүү-өрүү нуучча тылыгар, математикаҕа эрчиллии буолар. Эбиэт кэнниттэн хас да хамаанданан сакаастарынан ас астыыбыт. Ким торт оҥорор, ким шаурма астыыр, сорохтор бэлисипиэтинэн сылдьаллар. Түөртүүргэ эбэбит ытыйбыт күөрчэҕин сиибит уонна сынньанабыт. Тарбыйахтары киэһэ 7 ч. хотоҥҥо баайталыыбыт, 8 ч. 30 м. киэһээҥҥи ыам саҕаланар. Утуйуохпут иннинэ уруһуйдуубут, видеоҕа устабыт, бэлисипиэккэ хатааһылыыбыт».
«Бэс ыйа – бээтинсэ, от ыйа – субуота, атырдьах ыйа – өрөбүл» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сайыммыт барахсан нэдиэлэ үс күнүн курдук кылгас, күүтүүлээх.
Атырдьах ыйыгар оҕолорго анаммыт бырагыраамалар салгыы ыытыллыахтара. Ханнык бырагыраамалар диир буоллаххытына, инстаграмҥа @suntarsdt суруйтаран, scdt.moy.su саайтка киирэн, сайаапкаҕытын хааллараарыҥ.
Айна ЯКОВЛЕВА, Сунтаар.