Иннокентий Афанасьевич Колесников Сунтаар улууһугар бастакы математик идэтин баһылаабыт биллиилээх биир дойдулаахпыт буолар. Кини 1901 сылтан 1959 сылга диэри оскуолаҕа үлэлээбитэ. Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын математиктарын уонна физиктарын методическай холбоһугун кэҕүлээһининэн математикаҕа уонна физикаҕа үһүс төгүлүн улуустааҕы олимпиада ыытылынна. МО салайааччыта А.П.Иванова билиһиннэрэр.
Олимпиада олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Олимпиадаҕа барыта 299 оҕо кытынна. Олимпиадаҕа Сунтаар улууһун 25 оскуолата кыттыыны ылла. Олимпиада онлайн режиминэн барда. Иннокентий Константинович кыыһа, Лия Иннокентьевна, аҕатын туһунан суруйбут кинигэтин презентациятын улуус бары оскуолата сырдатта.
Бу олимпиаданы Васильев Иннокентий Давыдович үбүлээтэ. Миэстэлэспит оҕолорго мэтээл, грамота уонна харчынан бириэмийэ ыллылар. 7 кылааска бастакы миэстэни Егоров Женя СПТЛ-И, иккис миэстэни Саввинов Толя СПТЛ-И, үһүс миэстэни Данилов Алик СПТЛ-И, Григорьев Юра ССОШ №1. 8 кылааска бастакы миэстэни Макаров Мирон СПТЛ-И, иккис миэстэни Федорова Нелли СПТЛ-и, үһүс миэстэни Васильева Настя СПТЛ-И. 9 кылааска бастакы миэстэни Егоров Владик СПТЛ-И, иккис миэстэни Крылова Валерия ССОШ1, үһүс миэстэни Саввинова Настя АлСОШ. . 10 кылааска бастакы миэстэни Александров Данил ССОШ1, иккис миэстэни Соловьев Арнольд ССОШ1, үһүс миэстэни Филиппова Октябрина УСОШ. 11 кылааска бастакы миэстэни Прокопьев Алексей УСОШ, иккис миэстэни Гуринова Лидия ССОШ №1, үһүс миэстэни Попов Александр АрСОШ.
Оҕолор, учууталлар «үчүгэй тэрээһин ааста” диэн махтаннылар.