Иннокентий Афанасьевич Колесников – Сунтаар улууһун бастакы математига. Кини 1901-1959 сс. оскуолаҕа үлэлээбитэ. 1 №-дээх оскуола математиктарын уонна физиктэрин методическай холбоһугун кэҕүлээһининэн математикаҕа уонна физикаҕа үһүс төгүлүн олимпиада олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Сунтаар улууһун 25 оскуолатыттан барыта 299 оҕо кыттыыны ылла. Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн олимпиада онлайн режиминэн барда. Иннокентий Константинович кыыһа Лия Иннокентьевна аҕатын туһунан суруйбут “Суолдьут сулус буола тур…” диэн кинигэтин презентациятын улуус бары оскуолата оҕолорго сырдатта.
Бу олимпиаданы Иннокентий Давыдович Васильев үбүлээтэ. Миэстэлэспит оҕолорго мэтээл, грамота уонна харчынан бириэмийэ ыллылар.
Ол курдук VII кылаастарга I миэстэни Женя Егоров (СПТЛ-И), II миэстэни Толя Саввинов (СПТЛ-И), III миэстэни Данилов Алик (СПТЛ-И), Григорьев Юра (Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата) ыран үөрүүлэрэ муҥура суох. VIII кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыгар I миэстэҕэ Мирон Макаров (СПТЛ-И), II миэстэҕэ Нелли Федорова (СПТЛ-И), III миэстэҕэ Настя Васильева (СПТЛ-И) тигистилэр. IX кылаастарга I миэстэни Владик Егоров (СПТЛ-И), II миэстэни Валерия Крылова (Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата), III миэстэни Настя Саввинова (Аллаҥа орто оскуолата) ыллылар. Онтон X кылаастарга I миэстэ – Данил Александров (Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата), II миэстэ – Арнольд Соловьев (Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата), III миэстэ – Октябрина Филиппова (Устье орто оскуолата). XI кылаастарга I миэстэ – Алексей Прокопьев (Устье орто оскуолата), II миэстэ – Лидия Гуринова (Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата), III миэстэни –Попов Александр (Арыылаах орто оскуолата).
Оҕолор, учууталлар олус үчүгэй тэрээһин ыытылынна диэн махтаннылар, астыммыттарын биллэрдилэр.
Анна Иванова,
Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын МХ салайааччыта.