Сунтаар улууһугар билиҥҥи кэмҥэ олус тоҕоостоох промышленноһынан дьарыктанар, бу хайысханы сайыннарыыга күүскэ үлэлиир тэрилтэнэн «Сунтарцеолит» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ буолар. Бу күннэргэ тэрилтэ өссө биир салааны, саҥа бырайыагы олоххо киллэрдэ.
Ол курдук, федеральнай айан суолун кэрчигэр экологическай, ыраас гаас уматыгын станциятын арыйдылар. «Сунтарцеолит» ХЭТ уматыгынан хааччыйыыны Бүлүү эҥэринээҕи улуустартан бастакынан, 2000 сыллартан саҕалаабыта. Билигин бу үлэ киэҥник сайдар кыахтанна. Манна техникалары эрэ буолбакка газовай баллоннары эмиэ саппараапкалыахтара.
Экологическай уматыгы сайыннаран, салгын атмосфератын ыраастааһыҥҥа — дьоһун хардыы. Айылҕа гааһын сүрүн туһанааччыларынан автотранспортнай тэрилтэлэр, суол-иис сулууспалара, ону сэргэ тиэйэр-таһар өҥөлөрү оҥорор хампаанньалар буолаллар.
Сунтаар 1-гы нүөмэрдээх медиакиинэ.