Бүгүн дойду үрдүнэн бибилэтиэкэлэр күннэригэр Сунтаарга «Библионочь» тэрээһин ыытылынна. Бу күн ааҕааччыларга анаан өбүгэ оонньуута, тыл, остуол оонньуулара, араас маастар-кылаастар буоллулар. Маастар-кылаастары үлэһиттэр уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар тэрийдилэр.
Саамай кырачааннарга остуоруйа кэпсээтилэр, интерактивнай дуоскаҕа оонньоттулар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон кырачааннарга бэйэлэрэ остуоруйа көрдөрүүтүгэр холоннулар. Саамай сытыы киирсиилэр мүнүүтэҕэ ааҕыы күрэһэ буолла. Манна саҥа аахпыт оҕоттон саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо диэри кытыннылар. Элбэх оҕо Сунтаар суруйааччыларын мэтириэтин пазылын таҥыыга кытынна.
Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ хас биирдии тэрээһиннэрин уратытык ыытарга кыһаллаллар.
Л. Попов аатынан киин бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «СААС» эдэр суруналыыстар кулууптарын кыттыылаахтара.