Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын 160 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах оскуола ыһыаҕа ыам ыйын 31 күнүгэр буолан ааста.
Онно кылаастар икки ардыларыгар түһүлгэ киэргэтиитэ, саха таҥаһын күрэҕэ, саха аһын, сандалы күрэҕэ, оҥоһуктар быыстапкалара, уһун суһуох күрэҕэ, фольклорнай күрэх, хапсаҕай, «Үс да үс» атах оонньуута, мас уонна канат тардыһыыта, 400 м сүүрүү буолан аастылар. Сыл түмүгүнэн «Чыпчаал» анал аат туттарылынна.
Бу ыһыахха 1 кылаастан 10 кылааска диэри кыттыыны ыллылар. Экзаменнаах 9, 11 кылаастар кыттыбатылар. Икки сыл устата кэтэхтэн (дистанционно) үөрэммит буолан бу ыһыахха кылаас барыта бэркэ оҥостон, тэринэн кэлбиттэр. Бары ыытыллар күрэхтэргэ бары кылаас көхтөөхтүк кытынна. Түһүлгэлэрин бары кылаас дьоһуннаахтык киэргэппиттэр. Бары кылаас сахалыы таҥастаах, араас саха аһын арааһын астаан кэлбиттэр. Оҥоһуктар быыстапкалара сүрдээх үчүгэйдик оҥорбуттар. Спортивнай күрэххэ эмиэ бары кылаас көхтөөхтүк кытынна.
Түмүк таһаарытыгар биһиги кылаас саамай ордон таҕыстыбыт:
Түһүлгэ киэргэтиитэ —1 миэстэ, саха таҥаһын күрэҕэр — 1 миэстэ, саха мааны сандалы күрэҕэр — 1 миэстэ, оҥоһуктар быыстапкаларыгар “Уран тарбахтаахтар” — 1 миэстэ, уһун суһуох күрэххэ Нелли Яковлева — 3 миэстэ, хапсаҕайга Айсаар Бычыгыров — 2 миэстэ, канат тардыһыыта — 2 миэстэ, 400 м сүүрүүгэ Анисия Семенова —2 миэстэ буоллулар!
Аны сыл түмүгүнэн «Чыпчаал» анал ааты туттарыыга:
- 7-а кылаас — «Сыл бастыҥ кылааһа».
- 7-а кылаас төрөппүт комитета — «Саамай көхтөөх төрөппүт кэмитиэтэ».
- 7-а кылаас салайааччыта Анна Петровна Иванова «Самый классный руководитель».
- Стас Любенко — «Исследователь года».
- Анисия Семенова — «Открытие года».
«Мин сахалыы таҥаһым» улуустааҕы грантовай көрүү-күрэх Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр ананна. Барыта 12 кылаас кыттыыны ылла. Кыттааччылары икки бөлөххө араарбыттара. Бастакы бөлөх аҕыйах оҕолоох кылаастар (16-ҕа дылы), иккис бөлөх элбэх оҕолоох кылаастар (30-ка диэри). Бары кылаастар 2-3 мүнүүтэлээх видео устан ыыппыттара. Таҥастарын тигэр түгэннэрин, матырыйаалларын, тугу туттубуттарын барытын сиһилии устан ыыппыттара.
Бэс ыйын 1 күнүгэр «Мин сахалыы таҥаһым» улуустааҕы грантовай көрүү-күрэх түмүгүнэн 7-а кылаас иккис миэстэни ылла уонна 15000 солк. сертификатынан наҕараадаланна!
Бу бары ситиһии оскуола, кылаас оҕолоро, төрөппүттэр уонна кылаас салайааччыта бииргэ түмсүүлээхтик үлэлиир түмүгэ көстөр.
Бары эҕэрдэни кытары Стас ЛЮБЕНКО,
«Кэскил» медиа-студия эдкора.