Сунтаар улууһугар Ааҕыы сыла биллэриллибитинэн Ааҕыы эстафетата Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар тиийэн кэллэ. «Ааҕыы чорооно» бырайыак чэрчитинэн оскуолабытыгар ахсынньы 5-8 күннэригэр ааҕыыга араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
«Ааҕыы Чороонун» көрсүү өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна. Киирии тылынан линейканы Васильева Лилиана Витальевна аста. Чороону коррекционнай оскуолатыттан үөрэх уонна иитии үлэтигэр дириэктэри солбуйааччы Марфа Фёдорова, учууталлар Нюргуяна Данилова, Матрена Лукина, бибилэтиэкэрдэр аҕаллылар.
Марфа Петровна бу эстафета ис хоhоонун билиhиннэрдэ уонна чороон туhунан кэпсээтэ. Онтон «Ааҕыы Чороонун» Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар Михайлов Дмитрий Айааловичка туттарда. Начаалынай кылаастар уонна орто сүһүөх оҕолоро кыттыыны ыллылар. Кырачааннар тэттик хоhооннору аахтылар. Оскуола библиотекатыгар ааҕыыга көҕүлүүр кинигэ быыстапката турда.
Лицейгэ «Ааҕыы чороонун» Лилиана Витальевна уонна Дмитрий Айаалович илдьэн туттардылар. 9-11 кылаастарга — «Дорҕоонноох ааҕыы», 1-4 кылаастарга — “Хоһоон ааҕыыта» ыытылынна.
«Ааҕыы Чороонун» нэдиэлэтигэр ситиhиилээхтик кыттыбыт оҕолор махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын медиакиинэ.