«Балык сыҥааҕа«
Сунтаар оҕонньор күөл арыытыгар олорор. Оттон Сунтаар ууһун дьоно сороҕо арыыга, сороҕо тыаҕа бытанан олороллор.
Аҕа ууһун ураһатын аана биир сaһаан үрдүктээх, балык сыҥааҕын уҥуоҕа холуодалааах. Көхө саҕа тиистэригэр араас кыыллар тириилэрэ – хара саһылыттан үрүҥ кутуйаҕар тиийэ – ыйаанан тураллар.
— Быстар-ойдор күҥҥэ быыһабыл буоллун, өлөр-хаалар күҥҥэ өрүһүлтэ буоллун, — диэн алгыс саҥата иһиллэр. Ити аҕа баһылык Сунтаар балык сыҥааҕан уҥуоҕун тиистэригэр күндү бэлэхтэри ыйаталыыр. Кини итинник бэлэхтэри үөрүүлээх кэмнэргэ ыйыыр. Тоҕо маннык ытыктанар балыгый диэтэххэ, маннык. Бу балык кырдьык бүтүн аҕа ууһун өлүүттэн быыһаабыта үһү. Улуу сут буолбут. Сунтаардар сүөһүлэрэ эстэр. Булт эмиэ күрэнэн хаалар. Дьон хоргуйаллар, ураһалары өлүү өҥөйөр, аһылыктара сулумах уу уонна бэс үөрэтэ. Муус устар ыйга – өлөр-хаалар күн тириир. Дьон сүһүөхтэригэр уйуммакка аттаан хаамаллар. Арай Сунтаар эрэ арыый тэтиэнэх. Кини, айаҕалыы сатаан, күөлүн арыытын синньигэс билиитигэр, — урут хаһан да куйуурдаммат сиргэ, — ойбон алларар. Көрбүтэ, — дьол хараҕа суох, — күөл түгэҕиттэн үөһээ мууска тиийэр сүүнэ улахан балык хам тоҥон сытар. Мууһу чардааттыы анньан балыгы босхолууллар уонна аҕа ууһун кыанар-кыаммат дьонун барытын мунньан быанан соһон муус үрдүгэр үҥкүрүтэллэр. Балык улахана алта быластаах оту аргынньахтыы аспыт саҕа. Кытах саҕа икки харахтарын икки ардыгар иирэ талах үүммүт. Бу балыгынан бүтүн аҕа ууһа маҥан хаар бараныар, сир-дойду симэҕэ ситиэр диэри иитиллэн тахсар уонна сылы туоруур. Онтон кыаҕыран сунтаардар эһиилигэр булт бөҕөнү бултууллар. Кэхтэн иһэн кэскиллэнэн кэлэллэр. Үөрүү-көтүү буолар. Уруккуларын курдук, төрөтөр оҕону төлкөлүүллэр, иитэр сүөһүнү мөҥүөрэллэр, кыайа-хото бултууллар.
Дабдарыкаан Хоһуун
Арай биир киһи ордон ууга ыстанна уонна умсан хаалла, өстөөхтөр түлүкээй ууну охторунан суптурута ытыалаатылар да киһи быркыта суох барда. Кинилэр саарбахтаабыттыы уонна сөхпүттүү сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Ол турдахтарына күөл ортотугар уу будулус гынна. Ити хорсун күрүөйэх муннун быктаран тыын ылла, ол хоту өстөөхтөр ытыалаан сыыйдылар да, киһи эмиэ быркыта суох барда. Кини ити курдук күөлү үстэ умсан туораата. Бу — Сунтаар оҕонньор доҕоро Дабдарыкаан Хоһуун этэ. Тыаҕа тахсаатын кытта өстөөхтөр быыстала суох оҕунан ытыалаан бардылар. Дабдарыкаан Хоһуун көхсүн көрдөрбөккө өстөөхтөрүн диэки сирэйинэн буолан, кэннинэн тэйиэккэлээн ойуур диэки чугуйда. Кэлэр охтору икки илиитинэн сабыта тарыйан бэйэтигэр түһэрбэтэ. Ойуурга тахсаат Дабдарыкаан Хоһуун холку баҕайытык ырыа-тойук бөҕөнү түһэрэн соҕуруу диэки бара турда. Киэһээҥҥи кэм буолан кини ырыата-тойуга ой дуораана буолан лоҥкунаан алаастары аймаата, үрэхтэри үргүттэ, кыайбыт өстөөхтөрү кыһытта. Нөҥүө түүнүгэр «хаан өстөөхтөр» бэйэлэрэ ый-күн ыһыаҕа буолтара. Дабдарыкаан Хоһуун эмиэ бэйэтин курдук хорсун уонна быһый дьоннору мунньан, бары арыыга тыаһа суох харбаан тахсыбыттара уонна үрдэ суох ампаарга киирэн аһара аһаан бөтүөхтэһэ-бөтүөхтэһэ утуйа сытар өстөөхтөрү харса суох хадьыктаабыттара, тохтобула суох чокуйбуттара. Утарсар өйдөрө суохтар тыыннаах орпуттара, уолуйбучча ууга ыстаныталаабыттара уонна оһоҕосторун уйуммакка ууга тимирбиттэрэ.
Өлөр өлүүлэрэ үтүктүспүт курдук икки эрэ тыллааҕа:
— Сунтаар дириҥ! Сунтаар дириҥ!
Ону истэн туран Дабдарыкаан Хоһуун эттэ:
— Дьэ кырдьык, Сунтаар дириҥ! Сунтаар бэйэтэ эһигини харайдаҕа ити, аны кэллэххитинэ өссө ордук дириҥ буолуо!
Итинтэн ыла бу күөл «Сунтаар» диэн ааттаммыта. Дабдарыкаан Хоһуун бэйэтэ өрүс үрдүгэр, билиҥҥи Сунтаар сэлиэнньэтин оннугар киирэн олохсуйбута уонна бу сири доҕорун кэриэстээн «Сунтаар» диэн ааттаабыта.
«Хаан Өcтөөхтөр»
Сунтаар арыытааҕы ураһатын тиэргэнигэр күөх окко тиэрэ түһэн таалалаан сытан, арай үөгүүнү истэр:
— Аҕа баһылык, Сунтаар! Таҕыс манна, кэһии аҕаллым!
Кыргыс саҕанааҕы кыһалҕалаах үйэ дьонноро сэрэхтик олороллоро. Ол иһин Сунтаар оҕонньор күөл арыытыгар ордууланара уонна кытыыга биир да тыыны хаалларбат үгэстээҕэ. Сэрэх буолуохха наада. «Хаан өcтөөхтөр» эбэтэр халабырдьыттар баҕар билигин тиийэн кэлиэхтэрэ. Баҕар сэрэппэккэ сиэхтэрэ, өйдөппөккө өлөрүөхтэрэ. Киһи эриэнэ иһигэр, аҥардас тылга эбэтэр үгэскэ эрэнэр табыллыбат. Сунтаар өндөйөн иһиллээтэ:
— Аҕа баһылык, Сунтаар! Таҕыс манна, кэһии аҕаллым! Ылан үөрт!
Сунтаар тыытыгар киирэн көрбүтэ уҥуоргу кытыыга биир сэбэ-сэбиргэлэ суох киһи турар. Ол иһин кини уорбалыы санаабакка тыыга олорон тыа диэки эрдиннэ. Кытыыга чугаһаан иһэн Сунтаар уордаах саҥаны иһиттэ:
— Ытыскын тоһуй, кырдьаҕас, кэһиим бу баар!
Көрө түспүтэ били киһитэ атын «кэһиини» биэрээри турар эбит: кураахтаах саатын кулгааҕар диэри тардан өлүүлээх оҕу ыытан эрэр! Сунтаар тыытын тосту салайан арыы диэки хайыһыннаран эрдэҕинэ, кини көхсүгэр ох кэлэн титирии түстэ.
— Сэрииһит буолбатах, сиэхсит эбиккин, өйдөппөккө өлөрдүҥ! – Сунтаар бары күүһүн мунньан өлөр үөгүүтүн үөгүлээтэ.
Охтон эрэр киһиэхэ, иккис ох кэлэн cүнньүн хараҕар сaайда. Сунтаар саҥата суох ууга ньимис гынан хаалла, түспүт сириттэн хааннаах эрэһэлэр дьэрэлийэн таҕыстылар уонна тула долгун буолан тарҕаннылар, өлөрүөхсүт – Сунтаар «хаан өстөөҕө» этэ, кини албыныгар үктэтэн өстөөҕүн өһөгөйдөөтө. Ол эрээри, кини итинэн астынар санаата суох эбит. Сунтаары өлөрөөтүн кытта, киниэхэ элбэх сэбилэниилээх дьон ойууртан ыстанан киирдилэр, олортон үс киһи, Сунтаар тыытын ылан, арыы диэки эрдии тосторунан эрдинэн күллүргэттилэр. Кинилэри арыыга ким да билбэккэ хаалла быһыылаах. Арыыга тиийээт икки киһи тыаҕа ыстанна, оттон биир киһи төттөрү кэлэн эмиэ икки киһини эбии ылла уонна арыыга таһаарда. Ортолуу таһынан эрдэхтэринэ арыыга дьэ ыһыы-хаһыы буолла, охтор кыырайдылар, кыргыһыы саҕаланна. Ол эрээри өстөөхтөр тыы кэлэр сиригэр арыыга олорооччулары чугаһаппатылар, бары таһынан кэбиcтилэр уонна өрөгөйдөөх үөрүүнү өрө күөдьүтэн олохтоохтору харса суох кырган бардылар. Хайалара даҕаны тыыннаахтыы тутар, эбэтэр тыыннаахтыы бэринэр диэн билбэт дьон буолан биэрдилэр. Yөгүлүү-үөгүлүү өтөрүтэ түһүстүлэр, хаһыытыы-хаһыытыы хайыта сынньыстылар. Арыы дьоно оҕолуун-уруулуун, эр дьоннуун-дьахтардыын түбэспиччэ түҥэлэһэн бардылар. Ол да буоллар, оҥостон кэлбит ороспуойдар кинилэри өр-өтөр гымматылар, барыларын кыргыталаан, ураһаларын уматалаан, үөдэн-таһаан оҥорон, ый-күн ыһыаҕа гынан кэбистилэр.
1950 сыллаахха “Сунтаар” диэн кинигэ тахсыбыта. Кинигэ Сунтаар оройуонун үөрэнээччилэрин кыраайы үөрэппит, чинчийбит үлэлэриттэн таҥыллан оҥоһуллубута. Кинигэҕэ айылҕаны кэтээн көрүүлэр, кыыллар туһунан кэпсээннэр уонна үһүйээннэр киирбиттэрэ. Бу номохтор 1948 сыллаахха Сунтаар кырдьаҕас олохтоохторун тылларыттан суруллубуттара.