Биһиги Сунтаардааҕы гимназиябытыгар сылын аайы Ийэ күнүн көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Быйыл ийэлэрбитигэр аналлаах «Битва кулинаров» күрэх бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Кылаас аайыттан ийэлээх оҕо хамаанда туруоран ас астаан көрдөрдүлэр. Хамаандалар бары тэҥ бородуукталартан араас эгэлгэ бүлүүдэлэри астаатылар, ол астарын көрөөччүлэр иннилэригэр көрүөхтэн кэрэ гына фантазиялаан, киэргэтэн көрдөрдүлэр. Күрэхтэһээччилэр бары даҕаны олус бэлэмнэммиттэрэ тутатына көстөр, бу күн оҕолор ийэлэрин кытта бииргэ сүбэлэһэн, биир сомоҕо буолан астаабыт астарын олус бэркэ көмүскээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарбытынан хамаандалар анал ааттарга тигистилэр. Ол курдук VII «А» кылаастан Аина Олеговна уола Спартактыын «Лучшая командная работа», XI кылаастан Софья Васильевна кыыһа Лианалыын «Кулинарные шедевры», VIII «А» кылаастан Саргылаана Саввична кыыһа Наташалыын «Экзотическое блюдо», Х кылаастан Екатерина Егоровна кыыһа Сардааналыын «Лучшее блюдо», VII «Б» кылаастан Мария Георгиевна кыыһа Даналыын «Кулинарные фантазии» диэн анал ааттарга тигистилэр. Уонна күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан V кылаас үөрэнээччитэ Эдгар Серов уонна кини ийэтэ Александра Леонидовна буоллулар.
Тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар ийэлэрбитигэр махталбытын этэбит.
Валя Осипова, IX кылаас,
Сунтаардааҕы гимназия.