Быйылгы XXVII төгүлүн ыытыллыбыт В.П. Ларионов өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыттан 8-а кылаас үөрэнээччилэрэ Анисия Семенова, Стас Любенко ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
Кинилэр бэһис кылаастан араас темаҕа доклад ааҕан кытталлар. Республиканскай таһымнаах конференцияҕа бастакы холонуулара буолар. Оҕолор экономическай наука салаатыгар «Отходы в доходы: Вторая жизнь вещей» бырайыагынан кыттыннылар.
Бырайыак сыала: туһата тахсыбыт тобохтортон дьиэҕэ-уокка туттуллар декоративнай маллары оҥорууттан тахсар барыыһы үөрэтии.
Практическай суолтата: үлэ уопутун кылаастарга технология уруоктарыгар туһаныы эбэтэр уруок таһынааҕы кэмҥэ үөрэнээччилэр айар уонна предпринимательскай дьоҕурдарын сайыннарыыга туттуохха сөп.
Бу бырайыактара үһүс степеннээх дипломунан наҕараадаланна. Салгыы Бүтүн Россиятааҕы Леонардо аатынан арыйыылар уонна инициативалар фестивалга кыттарга мэктиэ (рекомендация) ыллылар. Инникитин даҕаны ситиһиилээхтик кыттарга дьулуһаллар.
Оҕолорго чинчийэр үлэнэн дьарыктаныҥ диэн баҕа санаабытын этэбит.
Саина Семенова, Сунтаар 1-гы нүөмэрдээх оскуолатын эдкора.