Сайын биир үчүгэй түгэнэ — сир астааһын. Сир аһын хомуйан, кыһыҥҥыга бэлэмнэнэбит. Ол сылдьан, айылҕа араас дьиктилэрин көрүөххэ сөп. Бу туһунан Дьокууускайдааҕы национальнай гимназия VIII кылааһын үөрэнээччитэ Алина Евсеева суруйар. Кини Сунтаар улууһун Бордоҥор сайылаабыт.
Биир күн ийэбин, эдьиийдэрбит, күтүөттэрбин кытта Таба ыстаадата диэн сиргэ ыраах сугуннуу барбыппыт. Онно суолун аҥаарын массыынанан уонна аҥаарын сатыы ойуур иһинэн ыраах да ыраах хаамаҕын.
Син өр айаннаан тиийдибит. Айылҕата үчүгэй баҕайы. Күтүөттэрбит балыктыы бараары, массыыналарыгар хаалбыттара. Биһиги ойуурга киирбиппит, отон бөҕөтө да, саҥа буһан эрэллэр этэ. Сороҕор отон сии-сии мээнэ хаамаҕын. Арай баран истэхпитинэ, суол быһа охсор сиригэр… саах сытар этэ, сугуннаах.
Ону ийэлээҕим тыатааҕы сааҕа диэн быһаарбыттара. Хаама сылдьан саахтаабыт курдук, онно-манна элбэх этэ. Аны ол аттыгар тыатааҕы атаҕын суолун көрдүбүт. Куттанан дьиэлээри гынан баран, ол диэки атын дьон сылдьалларын көрөн, кинилэргэ тиийэн, кэпсэтэн, уопсай чэйдээн баран, инникибит диэки барбыппыт. Онно биир булчут киһи баар этэ. Кини тыатааҕы суолун көрөн баран, “үс күннээх саах, икки саастаах эһэ” диэн быһаарбыта. Биһиги “сылдьыбыта син ырааппыт” диэн уоскуйан баран, сугуммутун хомуйан киирэн барбыппыт. Мин үс киилэлээх биэдэрэбин толорбутум.
Сугуннаан олус астыммытым, үөрэ-көтө хомуйбутум. Ойуурга сылдьан, сэрэхтээх буолуохха диэн өйдөөбүтүм.