Ахсынньы 21 күнүгэр күнүс 15 чаастан Үүнэр көлүэнэ театрыгар «Чуораанчык» спектакль премьерата буолар. Бу бэлиэ түгэн республикаҕа оҕолорго аналлаах «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар тэриллибиттэрэ 30, Россияҕа экология, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 385 сылларыгар ананар.
40 мүнүүтэлээх «Чуораанчык» спектакль автора — оҕо сурунаалыгар өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбит, билигин «Кэскил» оҕо хаһыатын кылаабынай редакторын солбуйааччыта Айыына Ксенофонтова. Спектакльы туруорааччы — Алексей Амбросьев, сценографията уонна көстүүмнэрэ – Мария Иванова.
30 сыл устата Саха сирин оҕолорун оҕо саастарын аргыһа буолан кэлбит Чуораанчык уолу кытта алтыһан ааҕар кэрэ түгэни мүлчү тутума!