– Бастатан туран, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин бэйэм педагогтар дьиэ кэргэнигэр уөскээбитим. Аҕам уонна ийэм эмиэ учууталлаабыттара. Ийэм кэлин библиотекардаабыта, аҕам сэрии сылларын иннинэ манна оруйуоннай отдел уөрэҕириитин заведующайынан үлэлээбитэ.
– Майа лицейыгар үлэлээбитин туһунан кылгастык кэпсиэн дуо?
– Майа лицейыгар география уонна музыка уруогун биэрэр этим.
– Майатааҕы гимназия гимнын суруйбуккут туһунан кыратык кэпсиэххит дуо?
– Гимн наада эбит дии санаабыппыт уонна Агафья Константиновналыын сүбэлэспиппит. Текст наада диэн буолбута. 2-3 киһи текст суруйан биэрбиттэрэ, онтон талан ыллыбыппыт. Ырыабыт ааптарын хоһоонун талан, онно сөп тубэһиннэрэн музыкатын толкуйдаан айбытым. Онтон ыла бүгүҥҥүгэ дылы тыла гимназия диэн этэ, онтон лицей буолбутун кэннэ технически уларытан билигин эһиги лицей диэн ыллыыгыт.
– Оскуолаттан ураты ханна эмит бэйэҕитин боруобаланан көрбөтөххүт дуо?
– Онтон хайдах эрэ оннук курдук буолан, хаалбыта, куруук оскуола олбуорун иһигэр сылдьабыт, учууталлары көрөбут, уөрэнээччилэри көрөбут. Мин урут 5 сыл директордаабытым, 2 школаҕа онтон гимназия арыллыбытыгар онно барбытым.
– Үөрэппит оҕолоргутун кытта кэпсэтэҕит дуо?
– Олус үчүгэйдик саныыллар, наһаа үчүгэйдик ахталлар, суруйаллар.
Интервью ылла: Терентьева Кэрэл,
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейын 10 кылаас үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас