Хойутаабыт күһүн эгэлгэ өҥүнэн киэргэнэн, айылҕабыт тула өттүттэн тупсан турар кэмигэр, балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр уруһуйдьут оҕолор, улахан дьон мустаннар пленэр буолла. Бу тэрээһин Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи «ИИС-УУС, АС. ФЕСТ» тэрээһин чэрчитинэн, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство аҕата И.В. Попов эһиил буолуохтаах 150 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэлэмнэнии үлэ быһыытынан ыытылынна.
«Таатта – ойууһут биһигэ» ойуулуур-дьүһүннүүр искусство учууталларын түмсүүтэ, Тааттатааҕы хартыына галереята, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин өйөбүлүнэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи хабааннаах пленэри аан маҥнайгытын тэрийдилэр. Пленэр икки сиринэн, ол курдук Чөркөөх түмэлигэр уонна Чөркөөхтөн алта биэрэстэлээх сиргэ Хоочугурдар кыстыктарыгар Былатыан Ойуунускай төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар Муҥха Дэлбэрийбиккэ ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустан, уруһуй дьоро күнэ тосхойдо. Пленэргэ Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан, Томпо Мэҥэ Алданыттан, Саһылыттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хаҥалас Покровскайыттан айар куттаах, ойууһут дьоҕурдаах барыта 100-чэкэ киһи кэлэн кытынна. 5 хайысханан үллэстэн үлэлээтилэр: пейзаж, архитектурнай пейзаж, этнография натюрморта, олоҥхону истэн олорон уруһуй, маастардары түргэнник уруһуйдуурга.
Пленэр саҕаланыыта Чөркөөх түмэлин дириэктэрин эбээһинэһин толорооччута М.А.Протодьяконов оҕолорго ыллыктаах алгыстаах тылын, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээнин тириэртэ, айар күүстэрин мунньунан дьоһуннаах үлэлэри айалларыгар баҕарда. Саха бастакы худуоһунньуга И.В.Попов хос сиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, худуоһунньук И.И.Попов, ХИФУ хартыына галереятын сэбиэдиссэйинээн, кэргэнинээн М.С.Поповалыын уруһуйдуур дьоҕурдарын тургутунааччыларга, айар алыптаах оҕолорго сүбэ-ама эттилэр, тэрээһиммитин өссө суолталаан биэрдилэр.
Ойуунускай үөрэммит балаҕаныттан саҕалаан, таалар налыы хонууга, таалалаахтаан устар Таатта үрэх үрдүнэн, талыы талба талахтар аннынан, норуот депутата бэлэх ууммут – саҥа муостатын кыйа, Ойуунускай төрөөбүт балаҕаныгар тиийэ сөбүлээбит сирдэригэр абына-табына олорон, сарсыарда 10-тан киэһэ 16 чааска диэри пейзаж уруһуйдаатылар. Онтон Чөркөөх түмэлигэр саха олоҕун көрдөрөр араас тутуулары көрдөрөр архитектурнай пейзаж, олоҥхоһуттар, уустар түһүлгэлэрин кэрийэ сылдьан түргэн уруһуйдары, Судаарыстыбаннас түмэлигэр былыргы саха туттубут маллара-саллара туруоруулаах натюрмортары оҥордулар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Чөркөөх орто оскуолатын черчениеҕа уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа бэтэрээн учуутала, В.П.Ларионов аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата И.С.Жегусов, уруһуйдьут дьиэ-кэргэн М.С. уонна И. И.Поповтар үлэлэри сыаналаатылар.
Айар кут абылаҥнаах живописец-худуоһунньуктар В.В.Яроев, И.И. Корякин оҕолорго анаан бириистэри туруордулар.
Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит, этнограф И.В. Попов – норуот тапталын ылбыт бастыҥ киһибит айар үлэҕэ үктээн хаалларбыт суола-ииһэ сүтэн-оһон хаалар дьылҕата суох. Кини чулуу үлэлэрэ – бу саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын хайыы-үйэ олоҕурбут оскуолата, сиэрдээх үгэстэрэ, духуобунай нэһилиэстибэтэ буолар. Кини тэлбит суолунан эдэр ыччаппыт үүнэн-сайдан, чэчирээн истин!
Наталья Григорьева,
Тааттатааҕы хартыына галереятын үлэһитэ.