Ыстаадаҕа биһиги күммүт оһох оттортон саҕаланар. Табаһыттарбыт аттары, уучахтары миинэн табалыы бараллар. Чуумсуктарбыт ас астыыллар. Идэһэ саҕана бары бэйэ бэйэбитэгэр көмөлөһөбүт. Ким эрэ эт кэрдэр, дуосалары сууйар, ким эрэ таба, чубуку иһин ууга буһарар. Атын сиргэ көһөрбүтүгэр бастаан таһаҕастары быраҕаллар, сарсыҥҥытыгар атынан, уучаҕынан эбэтэр квадроциклынан көһөбүт.
Көһөрбүт саҕана сыарҕа сиэтэр табалары маахталыыллар, ол кэнниттэн уучахтары туталлар. Аттаахтар аттарын туталлар, чуумсуктар иһиттэри, ыскааптары хомуйаллар, ол кэннэ барытын сыарҕаҕа өттүүлүүллэр. Ыстаадатааҕы күммүт түҥҥүһүттэри аһатыынан түмүктэнэр. Ыстаада үчүгэйэ ити сибиэһэй салгын, киһи дуоһуйар. Манна улааппыт, хатарыллыбыт оҕо тулуурдаах буолар. Ыстаадаҕа сибиэһэй салгынынан тыынар олус үчүгэй. Манна оҕо быдан тулуурдаах, түргэн-тарҕан, тыа уонна хоту дойду олоҕун үчүгэйдик билэ улаатар буолар.
Алина ГОРОХОВА,
IX кылаас,
Бороҕон орто оскуолата,
Булуҥ